Киир

Киир

Хомойуох иһин, кэлиҥҥи чахчы суох. Ол да буоллар, “көҕүрэппэтэх буолуохтаахтар” диэн туран, Евростат 2021 сыллааҕы чахчыларын билиһиннэрэбит.

Саамай элбэх биэнсийэни Исландия кырдьаҕастара ылаллар. Онно саастаах дьоҥҥо ыйга ортотунан 2762 евроны биэрэллэр. Солкуобайга таһаардахха, 265 000 солкуобай буолар. Даҕатан эттэххэ, Исландияҕа орто хамнас 6828 евро.

Иккис миэстэҕэ Люксембург биэнсийэлээхтэрэ тахсаллар. Ити дойду былаастара бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кырдьаҕастарыгар ый аайы ортотунан 2575 евроны төлүүллэр (250 000 солк.). Оттон орто хамнас 6658 евро.

Үһүс миэстэ – Норвегия. Скандинавия дойдутун биэнсийэлээҕэ ый аайы ортотунан 2438 евроны ылыан сөп. Ол аата 237 000 солкуобайы. Кинилэр орто хамнастара 6208 солкуобай.

Ити кэннэ төрдүс миэстэҕэ Дания тахсар. Олохтоох былаастар биэнсийэлээхтэригэр балачча кыһаллаллар. Онон, хас биирдии биэнсийэлээх ый аайы быһа холоон 2417 евроны ылар (235 000 солк.). Оттон ыйдааҕы орто дохуоттара 5247 евро.

Бэһис миэстэҕэ 2138 евроны ылар Швейцария биэнсийэлээхтэрэ тахсаллар. Судургутук эттэххэ, кинилэр биэнсийэлэрэ, ортотунан, 207 000 солк. буолар. Швейцария үлэһит нэһилиэнньэтэ Дьобуруопаҕа саамай элбэх дохуоту аахсарынан биллэр. Онно орто хамнас 8903 евро.

“10 саамай элбэх биэнсийэлээх” дойду иһигэр өссө Австрия (1962 евро – 190 100 солк.), Нидерланнар (1931 евро – 190 000 солк.), Ирландия (1906 евро – 187 000 солк.), Швеция (1838 евро – 178 000 солк.) уонна Бельгия (1737 евро – 170 000 солк.) киирэллэр.

Сылдьыбыт-көрбүт суох эрээри, сэрэйдэххэ, ити дойдуларга ас-таҥас сыаната лаппа ыарахан буолуохтаах. Онон ити биэнсийэлэрэ туохха да тиийээхтээбэтэ буолуо диэн сэрэйэбит, баҕар сыыһа, баҕар, сөпкө. Ити туһунан “Лента.ру” суруйар.

Бэй.кэр.
Хаартыска: mk.ru.     

Бүтэһик сонуннар