Киир

Киир

От ыйын 1 күнүгэр, Саха сиригэр Национальнай бэчээт күнүн көрсө, сахалыы тылынан суруйар-бичийэр суруналыыстар ортолоругар ыытыллыбыт “Уһун Дьурантаайы-2024” күөн күрэс кыайыылаахтарын аата билиннэ. Бастыҥ суруксуттар туоһу суруктары, бириэмийэлэри туттулар.
 
 
Күрэҕи номнуо төрдүс сылын СӨ Инновацияҕа, сыыппаралаах сайдыыга уонна инфокоммуникацияҕа министиэристибэтэ Саха сирин Сураныыстарын сойууһун уонна Арассыыйатааҕы национальнай СМИ-лэр ассоциацияларын кытта тэрийэр.
 
Быйылгы күрэх түмүгэ маннык буолла:  
 
 «БАСТЫҤ ЫРЫТААЧЧЫ»
I – Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат 
II – Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат 
III – Иннокентий Оконешников, «Туймаада» хаһыат (Орто Халыма) 
 
«БАСТЫҤ КЭПСЭЭЧЧИ»
 
I – Альберт Капрынов, «Кыым» хаһыат, «Кыым.ру» саайт  
II – Василий Прокопьев, «Саха сирэ» хаһыат
III – Розалия Томская, «Киин куорат» хаһыат
 
«БАСТЫҤ КЭПСЭТЭЭЧЧИ»
 
I – Алёна Докторова, «Эркээйи» хаһыат (Мэҥэ Хаҥалас) 
II – Айыына Ксенофонтова, «Киин куорат» хаһыат 
III – Мария Захарова, «Томпо илдьитэ» хаһыат (Томпо)
 
«БАСТЫҤ АНААРААЧЧЫ» 
 
I – Татьяна Захарова-Лоһуура, «Кыым» хаһыат
II – Галина Матвеева, «Ил Түмэн» хаһыат 
III – Николай Петров, «Хотугу кыым» (Абый) 
 
«БАСТЫҤ ДЬҮҺҮЙЭЭЧЧИ»
 
I – Альбина Тарабукина, «Үйэ» сурунаал
II – Людмила Баишева-Фёдорова, «Кыым» хаһыат
III – Мария Михайлова, «Үөһээ Бүлүү» хаһыат (Үөһээ Бүлүү)
 
«БАСТЫҤ ИРДЬИТ»
 
I – Мария Дегтярёва-Күндэли, «Кыым» хаһыат
II – Валентина Петрова, «Күрүлгэн» сурунаал
III – Лена Слепцова, «Томпо илдьитэ» хаһыат
 
«БАСТЫҤ ЭҔЭҺИТ»
 
I – Марианна Тыртыкова, «Ил Түмэн» хаһыат
 
«БАСТЫҤ СУОЛЛААҔЫ БЭЛИЭТЭЭҺИН»
 
I – Вера Иванова, «Амма олоҕо» хаһыат (Амма)
II – Светлана Винокурова, «Томпо илдьитэ» хаһыат (Томпо)
 
АНАЛ БИҺИРЭБИЛ
 
«Көх» – Маргарита Винокурова, «Үйэ» сурунаал 
«Туску» – Наталья Кычкина, «Киин куорат» хаһыат  
«Кэскил» – Эльдар Садовников, «Ил Түмэн», «Саха сирэ» хаһыаттар.
 
Бэй.кэр.
Хаартыска: Иван Гаврильев