Икки сыл хааччахха олорбут дьон, дьэ, ыһыахтаары уос-тиис оҥостуута, таҥас-сап көрүнүүтэ, били, этэргэ дылы, бастыҥабыт тимирэ сүүспүтүгэр быһа киириэр диэри ыһыахтыырга бэлэмнэнэн эрдэхпит. Саха дьонугар-сэргэтигэр уйгу-быйаҥ үрүҥ тунах ыһыахпыт – саамай күүтүүлээх күндү кэммит, самаан сайын үүммүтүн уруйдуу-айхаллыы көрсөр, сүргэлиин көтөҕүллэр, санаалыын көнньүөрэр бырааһынньыкпыт. Үрүҥ Айыылартан көрдөһөн-ааттаһан, алгыс ылар, куттуун-сүрдүүн ырааһырар, үрүҥ илгэни сомсор үтүөкэн кэммит үүннэ. Ыһыах маанылаах түһүлгэтигэр үктэнэргэ төһө бэлэммитий? Ас-таҥас сыаната, мааны ырбаахы тиктэриитэ төһөлөстө? Чэ, быһатын эттэххэ, күүтүүлээх ыһыахпытыгар бэлэммит дуо?
“Илин Эҥээр” маҕаһыыҥҥа күн талбыта. Үлэ чааһа саҕаланыаҕыттан киэһэ аан хатаныар диэри киирии-тахсыы, таҥаһы, киэргэли сыымайдааһын, мээрэйдэнии, көрүнүү, сүбэлэтии сүпсүлгэнэ. Ыһыах малынан-салынан (сээкэйинэн) эргинэр маҕаһыыннар икки сыл чуҥкуйан турбуттара билигин ханна да суох. Өссө сорох табаар былдьаһык, тиийиэ да суох курдук. “Сатабыллаах саһыл саҕалаах” диэбиккэ дылы, ким эрдэ туура хабан ылбыт, үчүгэйгэ, эриэккэскэ тиксибитэ – ол тус бэйэтин табыллыыта.
Чэ, холобур, таҥас, киэргэл сыанатын көрөр буоллахха:
Кылгас халадаай ырбаахы 5000 солк. саҕаланар.
Уһун былаачыйа саамай чэпчээбитэ – 8000.
Кэһиэччик – 5000.
Оҕуруолаах, куруһубалаах кэһиэччик – 8000.
Сукуна сэлиэччик – 17000.
Оҕуруолаах тирии сэлиэччик – 27000.
Эр киһи ырбаахыта – 5000.
Хомуһуол 10000 саҕаланар.
Кыл сэлээппэ ортотунан – 8000.
Оҕо таҥаһа – 2000-6000.
Уһун остоох тирии этэрбэс – 9000, кылгас – 5800.
Ускуустубаннай (оҥоһуу) тирииттэн уһун этэрбэс – 5000, кылгас – 3000.
Үрүҥ көмүс үс утахтаах кыра илин кэбиһэр 24000 саҕаланар.
Улахан киэргэллэр чэпчээбитэ – 50000.
Үрүҥ көмүс бастыҥа – ортотунан 45000.
Оҕуруо нобуор – 2000-4000.
Хаппар – 2700-5000.
Хабах суумка – 2000.
Кылгас дэйбиир – 1300.
Хара дьүһүннээх уһун сиэл дэйбиир – 7000.
Маҕан дьүһүннээх дэйбиир – 10000.
Олбох – 1000-4000.
Кыыс, дьахтар аймах мааны хаарыс солко былаачыйатын сайбаччы кэтээри ыскааптан хостоон туругун көрүнэр, тэбэнэр-сахсынар, ким эрэ саҥа таҥас тиктэрэр. Син эмиэ муода хаамыытынан таҥас-сап уларыйар-тэлэрийэр, саҥаттан саҥа моһуон, быһыы-таһаа киирэн иһэр. Кэнники кэмҥэ сахалыы таҥнар киһи биллэ элбээтэ, иккилии-үстүү көстүүмҥэ тиийэ бэринэр буоллулар, ону ааһан, дьиэнэн биир истиили тутуһан, биир тэҥник таҥнар буолан эрэллэр. Билиҥҥи тылынан “Family look” диэн ааттанар.
Римма Румянцева, хаһаайка, Дьокуускай:
– Биһиги дьиэ кэргэн кыргыттара биир моһуоннаах халадаайбыт орто кыыспытыттан саҕаламмыта. Бастаан кини былаачыйатын толкуйдаабытым. Мархаҕа олорор тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥи буламмын, эрдэтинэ сакаастаспытым. Онтон бэйэбэр уонна кыра кыыспар биир көстүүлээх буоларын курдук, маастарбар үс халадаайы тэҥинэн тиктэрдим. Матырыйаалбытын сөбүлүүр дьүһүммүтүн, ньургуһуҥҥа ханыылыы тутан, чэрэниилэ күөҕү талбыппыт. Бу соторутааҕыта үһүөммүт былаачыйатын силигин ситэрэн тиксэрбитэ. Наһаа үчүгэйдик, кичэллээхтик тикпит. Биһиги түөрт оҕолоох ыалбыт. Бу иннинэ үс кыыс үһүөн сахалыы таҥастара саһархай дьүһүннээх этэ, ону наһаа арылы сырдык диэммит кыралар былаачыйаларын уларыттыбыт. Уолум хомуһуоллаах, арай кэргэним эрэ таҥаһа суох, тиктэриэхпитин баҕарабыт. Быйыл Туймаада ыһыаҕар уонна дойдубутугар Уус Алдан ыһыаҕар сылдьыа этибит. Оҕолор сахалыы таҥастарын наһаа сөбүлүүллэр: оскуолаҕа, уһуйааҥҥа, бырааһынньыкка буоллун астына-астына кэтэллэр. Кыргыттар уобарастарын эбэбит норуот маастара Чараҥ бөһүөлэгин олохтооҕо Тамара Макеева хабахтан суумкалара, кылтан дэйбиирдэрэ ситэрэллэр.
Мария Прокопьева, Эбээн Бытантай улууһа:
– Биһиги Баатаҕай Алыытыгар олоробут. Кэргэним Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх. Олоҥхо ыһыаҕа буоларын истээт да, барабыт диэн быһаарыммыппыт, таҥаспытын-саппытын көрүнэн барбыппыт. Итиччэ биирдэ буолар улахан өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха оҥостон-туттан барар санааламмыппыт. Кыргыттарбар урут тиктэрбит былаачыйалара кыччаабыта, инньэ гынан анаан-минээн куораттан маҥан матырыйаал ыллартаран, тиктэрэ биэрбитим. Кыргыттар халадаайдарын моһуона тэҥ. Билэр маастардаахпын, эрдэттэн үлэһэн, сакааспын туттарбытым. Кэргэним хомуһуолун аҕыйах сыллааҕыта бииргэ төрөөбүт эдьиийим тигэн биэрбитэ, оттон бэйэбэр икки халадаайы тиктэрбитим: муартан былаачыйам халлаан күөх өҥнөөх, иккис былаачыйам сибэкки ойуулаах атылаас матырыйаалтан. Онно эбии кэһиэччик тиктэрэн эрэбин. Сыана тахсыбыт диэн бэлиэтээтим. Холобур, үс сыллааҕыта муар миэтирэтэ 350 солкуобай эбит буоллаҕына, билигин 650 солкуобай буолбут. Кыргыттар халадаайдара матырыйаалын, тиктэриитин ааҕан, 15 тыһыынча буолла, кэһиэччигим – 4,5 тыһыынча.
Эбээн Бытантайга ыһыах 21-с чыыһылаҕа буолар. Ол эрээри биһиги маннааҕы ыһыаҕы быйыл көтүтэбит. Үөһээ Бүлүүгэ бараары оҥосто, тэринэ сылдьабыт. Билигин дьон сахалыы таҥаһы кэтэр буолбута көрөргө наһаа үчүгэй. Урут ыһыахха көннөрү мааны таҥаспытын кэтэн барар этибит дии, билигин киһи эрэ барыта сахалыы таҥна сатыыр буолбут. Уонна туохха барытыгар сахалыы моһуон киирэн иһэрэ эмиэ киһини үөрдэр: иһит-хомуос, таҥас-сап, киэргэл, туттар тэрил, дьиэ ис, тас бараана. Күннээҕи олоххо оннооҕор сахалыы таҥнар буолан эрэбит. Холобур, мин хаһыаччыкпын ханна баҕар кэтиллэр гына тиктэрэн эрэбин. Сайын эрэ буолбакка, былаачыйаны, дьууппаны, бүрүүкэни кытта дьүөрэлээри.
Самаан сайын үрүҥ тунал ыһыаҕар кимҥэ да майгыннаабат, хатыламмат таҥаһы кэтиэн баҕалаахтар биирдиилээн маастарга тиктэрэллэр. Быйыл ыһыах ыһыллара биллибитин кэннэ, иистэнньэҥнэр сакааска көмүллэн, күн солото суох бардылар. Сахалыы таҥаска дьон санаата туохха сытарый, бүгүҥҥү муода хайдаҕый?
Яна Васильева, иистэнньэҥ:
– Ыам ыйын ортотуттан сакаастар киирэн барбыттара. Улуустан кытары бааллар: Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан. Билигин эдэр өттө дьууппата биилтэн барар кэлтэгэй киэптээх туох да киллэһигэ, киэргэлэ суох үтүгүннэрии халадаайы тиктэрэр. Саамай сүрүнэ – сиэҕэ уонна байбарата баай көстүүлээҕи сөбүлүүллэр, төһөнөн байбарата хойуу да, соччонон былаачыйа тэлээркэй буолар. Аллараа өттө “күн” быһыылаах халадаайы дэҥҥэ тиктэрэллэр. Матырыйаал, чааһын эттэххэ, кыргыттар “бавария” солко, микро-фатин; саастаах өттө муар, атылаас талаллар. Кэнники кэмҥэ кэһиэччиги олох тиктэрбэт буолан эрэллэр. Саамай туһаныллар өҥ – маҥан. Быйылгы сакаастарым үксэ маҥан, сырдык матырыйаалтан. Тоҕо эрэ халлаан күөх ордук былдьаһык буолла, дьиҥэ, билигин сирень, чэрэниилэ күөх дьүһүн муода буолан турар, ол эрээри сахаларга соччо барсыбат, “өлөрөн” кэбиһэр. Ону тэҥэ халадаай тиктэриитигэр кыһыл дьүһүн иннин биэрэ илик. Дьахталлар бордуобай, изумруднай дьүһүннэри ордороллор.
Эр дьон түөһүгэр биэс харах киэргэтиилээх бинсээк курдук быһыылаах уһун хомуһуолу тиктэрэр. Оноону сэҥээрбэт буолбуттар. Көстүүм матырыйаалынан тиктэрэллэр, саҕатын, бэлэнньигин баархатынан эбэтэр велюрунан. Саамай кэтиллэр өҥнөр – хара уонна халлаан күөх хараҥата. Арай бу быйыл үүттүҥү дьүһүннээх хомуһуолу тиктэрэ биэрдилэр.
Былырыын сахалыы таҥаска сакаас суоҕун кэриэтэ этэ, быйыл үлэһээччи олус элбэх. Түргэнник тигэрбин билэр буоланнар, билиҥҥэ диэри төлөпүөннүүллэр, суруйаллар. Мин сакааһым бэс ыйын саҕана барыта туолбута, онон, эбии ылбаппын. Иистэнньэҥнэр бары тобус-толору олороллор. Оҕобун көрө олорор кэммэр дьарыктанабын, соҕотохпун, кими да көмөлөһүннэрбэппин, кимиэхэ да итэҕэйбэппин, тимэххэ тиийэ барытын бэйэм тигэбин. Сакааска тикпитим 8-с сылым. Дьон соцситимҥэ сирэйбин көрөн уонна бэйэлэрэ истиһэн кэлэллэр. Быйыл ыһыахтаары таҥас тиктэрэр баҕалаах хаһааҥҥытааҕар да элбээтэ диэн бэлиэтиибин.
Бэйэм халадаайы креп, шифон матырыйаалларынан тигэрбин сөбүлүүбүн, халыҥ буолбатах: тутарга-хабарга, тигэргэ үчүгэй. Ол эрээри синтиэтикэ булкаастаах буолан, соччо “тыыммат”. Көстүүтэ үчүгэйинэн – атылаас, муар диэм этэ, олох “хаппырыыһа” суох. Вуаль, органза эмиэ наһаа кырасыабайдык көстөллөр. Уонна билигин киһи этэ тыынар булкаастаах вискоза кэлэр буолбут. Штапель, батист кумаланымтыа, сууйдахха, тардан хаалар. Оҕолорго уонна дьиэ кэргэнинэн муслинтан сакаастыы сылдьыбыттара.
Бүгүҥҥү ырыынак хаамыытынан сыананы атын иистэнньэҥнэр үрдэппиттэр, онон, мин эмиэ ыараттым. Судургу халадаайы – 5500-6000, аныгылыы “полусолнце” быһыылааҕы – 7000-8000, хомуһуолу 6000-7000, оноолоох хомуһуолу 8000-10000 тигэбин. Маҕаһыыҥҥа көрдөххө, стилизованнай халадаайдар 16-лыы, судургу өттө 7-лии тыһыынча буолбуттар. Урут үчүгэй тигиилээх былаачыйа 8 тыһыынча буоллаҕына, билигин оччо сыанаҕа булбаккын. Ииспэр күнү быһа олоробун, сакаастарбын бириэмэтигэр туттарыам этэ. Улуус дьонугар матырыйаал көрөн талан ыларбар туһунан өҥөлөөхпүн. “Саппыкыһыт саппыкыта суох” диэбиккэ дылы, бэйэбэр халадаайым баччааҥҥа диэри суох (күлэр).
Аны ас-үөл сыаната бу диэн быһылла илик эбит. Сэмээр ыйытан көрбүтүм, 3-4 кыра кырбас эттээх үтэһэ – 350 солк., быырпах 2 лиитирэтэ 200 солкуобай диэн улуустан биллэрдилэр.
Дьэ, ити курдук саха киһитэ ыһыахха бэлэмнэнии сүпсүлгэнигэр сылдьар. Буолумуна даҕаны, икки сылы быһа тоҕуоруһа мустубатах, чээлэй күөххэ көҥүл көччүйбэтэх дьон ырыаны-тойугу көҕүлүттэн, оһуокайы оройуттан тутан эриэхпит буоллаҕа! Киһи уйгу-быйаҥ ыһыахха көөнньөр кымыһы амсайдаҕына, үтэһэлээх эти боруобалаатаҕына, көргө-оонньууга сырыттаҕына, буулаҕа күүстээхтэр хапсыһыыларын көрдөҕүнэ санаата туолар, дьоннуун-сэргэлиин көрсөн, кэпсэтэн, алгыс ылан, сайын кэлбит үөрүүтүн этинэн-хаанынан биллэҕинэ астынар. “Ыһыаҕы кэтэспэт киһи суох – ыһыаҕа суох олох суох!” – диэн норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева хоһоонун тылларынан суруйуубун түмүктүүбүн.
Айаана Ларионова.