Киир

Киир

Саха сирин бырабыыталыстыбата миниистирдэр кэбиниэттэрин мунньаҕар, эрэгийиэн экономикаҕа миниистирэ Майя Данилова быһаарбыт өрөспүүбүлүкэ 2023-2025 сыллардааҕы социальнай-экономическай сайдыытын сылыгын бигэргэттэ. Бу экономика билгэтин оҥорууга күүтүллэр экономическай үүнүү бытаарыытын дааннайдара туһанылыннылар, маны сэргэ, сааҥсыйаттан сылтаан тас уонна ис дьайыылар фактордара учуоттанна.

Билгэлээн көрүү икки сценарийдаах буолла: базовай уонна сыаллаах-соруктаах (целевой).   Бастакы барыйаан этэринэн, дойдутааҕы экспорт, импорт өттүгэр тастан дьайар хааччахтар уонна инвестиционнай-технологическай бииргэ  үлэлээһиннэр орто уһун болдьоххо диэри хаалыахтара.

 «Өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи туругун сыаналыыр буоллахха, бырамыысаланнай үүнүүттэн сылтаан эрэгийиэннээҕи валовай бородуукта көрдөрүүтэ үрдээн иһиэҕэ. Сыл бүтүөҕэр диэри экономика үрдүүрэ тохтуо суоҕа уонна 8,1% буолуоҕа. Бу Арассыыйа орто көрдөрүүтүттэн балачча үрдүк. Бырамыысаланнай оҥорон таһаарыы индексэтэ - 112,7%, сыл бүтүөр диэри оценка - 110,6%», - диэн Майя Данилова этэр.

Миниистир бэлиэтээн эппитинэн, 2023-2025 сыллардааҕы ВПР көрдөрүүтэ сир баайын, чоҕу, инчэҕэй ньиэби, айылҕа гааһын, тимир рудалары, кыһыл көмүһү, үрүҥ көмүһү уонна олованы хостооһун үрдээбитин суотугар Арассыыйа орто көрдөрүүтүнээҕэр уонна аан дойду киэнинээҕэр түргэн тэтимнээхтик 4,3%-н 8,8% диэри экономика үрдээһинэ сылыктанар.  

Базовай барыйаан өттүттэн ыллахха, манна 2025 сылга ВПР кэриҥэ 2,6 трлн солкуобай буолуу динамикатын көрдөрөр. Бырамыысаланнай оҥорон таһаарыы тэтимэ 2022-2025 сылларга Уһук Илиннээҕи уокурук орто көрдөрүүтүнээҕэр 6,6% үрдүк.

Бырамыысаланнай оҥорон таһаарыы эйгэтигэр чоҕу, ньиэби, гааһы хостооһун улаатыахтаах, оттон алмааһы хостуур бырамыысаланнас көрдөрүүтэ төттөрүтүн кыччыахтаах. Сырьевойа суох экономика салаатын сайдыыта агро-бырамыысаланнай комплекстар инвест-бырайыактарын олоххо киллэриититтэн, тутуу матырыйаалларын оҥорууттан уонна туризмтан  тутулуктаныа. Маны таһынан, «Саха сирэ» ТОР кыраныыссаларын кэҥэтии былааннанар.

Сырьевойа суох сектор биир сүрүн дьаһалыгар «Үлэ кыбаартала» диэн креативнай кластеры олоххо киллэрии киирсэр. Манна 2025 сылга диэри 150 резидени киллэрии уонна 125 үлэ миэстэтин таһаарыы былааннанар.

 «Экономика сылыгын көрдөрүүлэрэ 2030 сылга диэри биэс сүрүн национальнай сыалы-соругу ситиһиигэ дьайаллар. Манна нэһилиэнньэ ахсаанын элбиирэ, олох орто уһуна 78 сааска тиийиитэ, дьадаҥы буолууну икки төгүл аҕыйатыы, нэһилиэнньэ дохуотун инфляцияттан намыһаҕа суох буолуутун тэтимин хааччыйыы уонна даҕаны атыттар киирсэллэр», - диэн миниистир бэлиэтээн этэр.

.

Бүтэһик сонуннар