Киир

Киир

Соторутааҕыта Хотугу пуорум былаһааккатыгар “Бигэ тирэхтээх Хотугу сир: уопсастыба, экэниэмикэ, экология, бэлиитикэ” диэн VII төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай-прикладной кэмпириэнсийэ буолан ааста. Онно АЛРОСА генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Дьячковскай үлэһит илии тиийбэт чинчилээҕин уонна ол кыһалҕаны быһаарыы ньымаларын туһунан кэпсээтэ.

Устойчивое развитие

Арассыыйа ыстатыыстыкатын тутаах тэрилтэтэ бу дьыл тохсунньу – атырдьах ыйдарыгар Саха сирин оройуоннара үлэһиккэ наадыйыыларын уонна ити кэмҥэ үлэтэ суох сылдьар дьон ахсаана араастаһыытын тэҥнээн көрүү түмүгүн таһаарбыт. Холобур, өскөтүн Нерюнгри оройуонун үлэтэ суоҕунан регистрацияламмыт дьонун олоччу улуус үлэһитэ тиийбэт тэрилтэлэригэр үлэҕэ киллэрбит да иһин, оройуон үлэһиккэ наадыйыытын баара эрэ 9 %-на сабыллар кыахтаах. Оттон Алдан оройуонугар ити көрдөрүү – 10 %, Мииринэйгэ  – 17%, Ленскэйгэ – 21%, оттон Дьокуускайга – 27 %.

Оттон итинтэн атын, чопчута, тыа улуустарын көрдөрүүтүн көрөр буоллахха, балаһыанньа чыҥха атын: үлэһиккэ наадыйыы кыһалҕата 100-тэн лаппа тахса бырыһыана быһаарыллар кыахтаах. Холобур, Ньурба улууһугар ити көрдөрүү – 205 %, Тааттаҕа – 320 %, Намҥа букатын да – 388 % эбит. 

Ыччаты Дьокуускай угуйа-тарда турар

«Күн бүгүн тыа сиригэр үлэтэ суох сылдьааччы ахсаана лаппа элбэх, оттон миэстэтигэр баар үлэ ырыынагар – хамнас кыра, дуона суох. Ол аата, дьиҥинэн, биһиэхэ үлэлиир күүс баар, баҕалаах киһи үлэһиккэ улаханнык наадыйар, үрдүк хамнаһы төлүүр  бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр үлэҕэ киириэн сөп. Ол гынан баран билиҥҥи туругунан оннук хамсаныы баарын көрбөппүт. Тыа сирин ордук көхтөөх, үлэҕэ баҕалаах өттө бэлиэр миэстэтин булуммут эбэтэр дойдутуттан бэлиэр ыраата көспүт.

Тыаттан куорат уонна киин сирдэргэ көһүү салҕанар: ордук эдэр дьон, ыччат өттө, үгэс курдук, Дьокуускайга олохсуйа, хаала сатыыр. Үлэһит илии, күүс туһунан этэр буоллахха, бырамыысыланнай оройуоннарга барыахтаах, тардыһыахтаах дьону Дьокуускайбыт бэйэтигэр тарда турар. Оттон тыа сириттэн бырамыысыланнас оройуоннарыгар көһүүнү, онно тиийэн олохсуйууну көҕүлүүр ньымалар кыахтарын-күүстэрин сүтэрбиттэр эбэтэр олох да тэриллибэтэхтэр», – диэтэ ити мунньахха Алексей Дьячковскай.

Балаһыанньаны Мииринэй оройуонун холобуругар ылан көрөр буоллахха, кэнники икки сылга манна үлэтэ суох ахсаана эмискэ аҕыйаабыт. Баарынан эттэххэ, АЛРОСА хааччыллыыта, усулуобуйата да ордук буолан, оройуон атын тэрилтэлэрин үлэһиттэрин бэйэтигэр тардар тэрилтэ. Онон ардыгар соһуччу да соҕус (парадоксальнай) балаһыанньа буолан ылар. Холобур, Удачнайга уонна Айхалга баар баһаарынай салаа үлэһиттэрэ алмаас тэрилтэтигэр көһөр интэриэстээхтэр. Оттон хампаанньа анараа тэрилтэлэр үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтэр кыахтанныннар диэн, бу салааларга 8-тыы мөл. солк. көмөлөһөргө тиийэр. Ол эбэтэр, хампаанньа итиниэхэ дьүөрэ олус наадалаах эйгэлэргэ, идэлэргэ дьон үлэлии хааларын туһугар бэйэтин өттүттэн кыаллары барытын оҥорор.

Орто анал идэлээх исписэлиис тиийбэт

«Маннык балаһыанньа үөскүүрүгэр оробуочай каадыры үөрэтии тутула эмиэ дьайар. Күн бүгүн биһиги исписэлиистэрбит бэлиэр биэнсийэ уонна ол иннинээҕи саастаах буолбуттарын өйдүүбүт. Кинилэр үгүстэрэ анал үөрэҕи, идэтийиини өссө Сэбиэскэй Сойуус саҕана ылбыттара. Ол кэмтэн өрөспүүбүлүкэҕэ үрдүк үөрэхтээх дьон ахсаанын өлүүскэтэ биллэ элбээтэ. Күн бүгүн даҕаны Саха сиригэр үрдүк үөрэҕи ылар кыахтаах ыччат үгүс.

Саха сиригэр тохсус кылааһы бүтэрбиттэр баара-суоҕа 26 %-нара эрэ орто анал үөрэҕи биэрэр тэрилтэлэргэ үөрэнэ бараллар. Оттон Арассыыйа үрдүнэн итинник көрдөрүү ортотунан 50 %-тан тахса. Кэккэ эрэгийиэҥҥэ итинтэн да улахан. Өрөспүүбүлүкэ үлэҕэ ырыынагар оробуочай идэлээх тиийбэт, улахан дэписсиит буолла. Өҥөнү оҥоруу эйгэтигэр дьарыктаах эбэтэр онно тардыһыылаах үрдүк үөрэхтээх дьон ахсаана быдан баһыйар

Аны маннык баар: бырамыысыланнас салааларыгар анал оробуочай идэлээх үлэһит тиийбэт буолуута эмискэ улаатта, оттон орто анал үөрэх тиһигэр – устудьуон тиийбэт. Холобур, Мииринэйгэ, син эмиэ атын индустриальнай куораттарга курдук, хайа дьыалатыгар, хайаттан хостуур салааҕа сыһыаннаах идэҕэ үөрэниэн баҕалаах, онно киирэр кыахтаах ыччаты биһиги сатаан булбаппыт. Оннуктар суохтар. Тыа сиригэр, төттөрүтүн, ыччат баар, ол гынан баран онно бырамыысыланнаска олус наадалаах идэлэргэ үөрэтэргэ сөптөөх база да, усулуобуйа да суох», – диир Алексей Дьячковскай.

Олохтоох үлэһиккэ ордук суолта ууруллар

Саха сирин бырамыысыланнай тэрилтэлэргэ үлэ, үгэс курдук, икки ньыманан ыытыллар. Бастакыта – баахта ньымата. Холобур, АЛРОСА-ҕа баахта икки бөһүөлэгэ үлэлиир: Үөһээ Муунатааҕы уонна Накыыннааҕы алмаастаах сирдэргэ. Иккис көрүҥ – бастайааннай үлэ. Хайатыгар да олохтоох дьону ылар интэриэстээхтэр. Ол гынан баран биһиги усулуобуйабытыгар итинник талыы, суолта биэрии оҥорон таһаарыыга сыһыана өрүккэ туһугар сэрэхтээх. Оҥорон таһаарыы соруктарын толоруу чааһыгар, холобур, төһө туонна, караат хостоноругар, дьиҥ иһигэр ыллахха, олохтоох дуу, кэлии дуу киһи үлэлиирэ суолтата суох. Оттон, дьэ, эрэгийиэн социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын өттүттэн көрдөххө, ити – улахан суолталаах. Буолаары буолан, АЛРОСА курдук социальнай хайысхаҕа ылсан үлэлиир хампаанньаҕа суолтата сүҥкэн. Хампаанньа түстэнэн үлэлиир эрэгийиэнин өйүүр туһуттан чуолаан олохтоох каадыры кытта үлэлииргэ дьулуһар, ону баара оннук каадыр тиийбэтэ туорай мас буолар. Хас сылын аайы оҥорон таһаарыыны олохтоох каадыр суотугар ситиһии ыараатар ыараан иһэр.

«Биһиги билэр чахчыларбытынан өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай тэрилтэлэригэр тыа сирин олохтоохторо үлэҕэ киириилэрэ аҕыйаҕын төрүөтэ – үлэни булунууга түргэн-тарҕан туттунуу тиийбэтэ. Ыччат Дьокуускайга эрэ талаһар, киин куоракка үлэ ырыынагын эрэсиэрбэтэ баар, идэҕэ үөрэтии суоҕа эбэтэр үөрэтии миэстэтигэр буолбакка, территорияларынан “араарыллар” буолан, үлэ күүһэ намыһах кылаастаах буолуута. Ол гынан баран, Мииринэйгэ эрэгийиэннээҕи техническэй колледжка (МРТК) туттарсан, идэ ылбыттар уонна тыа сириттэн баахта ньыматынан үлэҕэ киирбиттэр үлэҕэ көрдөрүүлэрэ үчүгэй. Кинилэр үчүгэйдик, кыһамньылаахтык үлэлиир эрэ буолбатахтар, алмаас хампаанньатыгар салгыы хаалар, карьера оҥостор, үүнэр-сайдар баҕалаахтар», – диэн Алексей Прокопьевич бэлиэтээн этэр.

Үөрэнэр кыаҕы биэрэр, усулуобуйаны  тупсарар наада 

Алмаас хампаанньата үлэһит күүс тиийбэт кыһалҕатын быһаарарга өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана “2030 сылга диэри Мииринэй оройуонун сайдыытын туһунан” таһаарбыт ыйааҕа көмөлөһүө диэн суоттанар.

Бу ыйаах бастакы пуунугар чопчу биир оройуон кыраныыссатынан хааччахтаммыт идэни биэрэр үөрэхтээһин тиһигин тэрийии наадата этиллэр. Маннык тиһик олохтонуута тыа сирдэригэр баар үлэлиир каадыр буолар кыахтаах күүһү уонна МРТК үөрэтэр кыаҕын сөпкө уонна табыгастаахтык дьүөрэлииргэ көмөлөһүөхтээх. Ол түмүгэр ыччаты бырамыысыланнас эйгэтигэр сыһыарыы табыгастаахтык уонна сөпкө ыытыллан, үлэ ырыынагын бэрээдэктиир, сүрүннүүр кыах үөскүөхтээх. Бу маннык миэрэлэри олоххо киллэрии, олус уһуна суох кэм иһигэр, АЛРОСА оҥорон таһаарыыга соруктарын олоххо киллэрэригэр эбии кыаҕы-күүһү биэриэхтээх.

Иккис пуунунан Мииринэй оройуонун социальнай инфраструктуратын сайыннарыы, оройуоҥҥа олоҕу олоруу хаачыстыбатын үрдэтии, доруобуйа харыстабылын, үөрэх, успуорт уонна култуура салаатын бөҕөргөтүү, куорат эйгэтин уонна олорор дьиэнэн хааччыйыы тиһигин тупсарыы, туризм уонна ыалдьытымсах буолуу индустриятын сайыннарыы, ыччаты кытта сибээстээх экэниэмикэни тэрийии киирэ сылдьар.

«Ылыллар миэрэлэр, дьаһаллар түмүктэринэн, бастатан туран, бырамыысыланнас тэрилтэлэрэ туруктаах буолуулара ситиһиллиэ. Оттон ол – өрөспүүбүлүкэҕэ нолуок киириитин уонна салгыы сайдар кыаҕын улаатыннарыа. Иккиһинэн, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо бырамыысыланнас тэрилтэлэригэр үлэҕэ киирэн, үрдүк хамнастанан, нэһилиэнньэ дьиҥ аахсар дохуота уонна төлөһөр кыаҕа улаатыа. Үсүһүнэн, ыччаты, дьону тардар сэҥээрдэр сирдэри тэрийии түмүгэр Дьокуускай ноҕорууската да кыччыа. Оттон үлэ ырыынагын сүрүннүүр кыах үөскээһинэ ханна ордук үлэһит илии наада да, онно күүс элбэх сириттэн көһөн биэриитэ ситиһиллэн, күүһү сөпкө таба туһанар кыаҕы биэриэ этэ», – диэн Алексей Дьячковскай этиитин түмүктээтэ. 

Андрей ШИЛОВ
матырыйаалын тылбааһа.
 
Андрей Шилов,
Артем Гузаиров хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

Бүтэһик сонуннар