Киир

Киир

Премьер-миниистир Михаил Мишустин 2025 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ үрдүүрүн туһунан иһитиннэрдэ. Бу туһунан «Интерфакс» суруйар.
 

— Бырабыыталыстыба кэлэр сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйин үрдэтэр. Былырыын  уонна быйыл бу кээмэйи федеральнай бүддьүөт туһунан сокуонунан быһаарыллыбыта. Билигин медианнай дохуоттан ааҕыллар буолуоҕа. Бу медианнай дохуот дойдуга олох таһымын сыаналыырга, социальнай бырагыраамалары, көмө оҥорууну ааҕарга туһаныллыаҕа, — диэн Мишустин эппит.

Премьер-миниистир иһитиннэрбитинэн, эрэгийиэннэр бэйэлэрин кээмэйдэрин олохтууллар. Ол кээмэйтэн босуобуйа, чэпчэтии, төлөбүр тутулуктаах.
 
Арассыыйаҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: нэһилиэнньэҕэ — 17 733 солк., үлэлиир дьоҥҥо — 19 329 солк., оҕолорго — 17 201 солк., биэнсийэлээхтэргэ 15 250 солк. тэҥнэһиэҕэ.
 
Бу тиийинэн олоруу алын кээмэйин ааҕыыга 2023 сыллааҕы орто (медианнай) дохуоту аахтылар, Росстат дааннайынан, ол 40 121 солкуобайга тэҥнэһэрэ.
 
Саха сиригэр хотугу эбии төлөбүр (надбавка), оройуон кээписиэнэ эбиллэн, тиийинэн олоруу кээмэйэ үрдүк буолар.
 
2024 сылга нэһилиэнньэҕэ ортотунан олохтоммут тиийинэн олоруу алын кээмэйэ: нэһилиэнньэҕэ 23 034, үлэлиир дьоҥҥо — 25 107, биэнсийэлээхтэргэ — 19 809, оҕолорго — 23 598 солкуобай.
Өрөспүүбүлүкэ икки зонаҕа арахсар, онно бу кээмэй араас буолар — хотугу улуустарга үрдүк, киин улуустарга — арыый намыһах.
 
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйөөһүҥҥэ ананар федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи төлөбүрдэр уопсай суумата мөлүйүөнтэн тахса солкуобай харчы буолуон сөп.
 
Бу төлөбүр ахсааныгар үһүс оҕоҕо өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьиэ кэргэн» ийэ хапытаала (300 тыһ. солк.), 2022 сылтан 2027 сылга диэри төрөөбүт оҕолорго «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал, элбэх оҕолоох ыалга учаастак оннугар бэриллэр биир кэмнээх төлөбүр (200 тыһ. солк.) уонна үһүс эбэтэр онтон кэлин төрөөбүттэргэ биир кэмнээх федеральнай төлөбүр (450 тыһ. солк.) киирэллэр.
 
Хапытаал сууматын эбэн аахтахха, биир мөлүйүөн солкуобайтан тахса харчы буолар. Ол курдук ити сууманы барытын ипэтиэкэ кирэдьиитин төлөөһүҥҥэ, ону кытта олорор усулуобуйаны тупсарыыга туһаныахха сөп.
 
Санатан эттэххэ, Владимир Путин дойдуга 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Судаарыстыба баһылыга дойду үрдүнэн элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ыстаатыһын олохтообута.
 
“Кыым” хаһыат суруйуутуттан.