2024 с. түмүгүнэн АЛРОСА хампаанньа Саха сирин бүддьүөтүгэр 50 млрд кэриҥэ солкуобайы биэриэҕэ. Ити туһунан ахсынньы 18 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев алмаастаах хампаанньа 2024 с. үлэтин түмүгүн уонна 2025 с. былааннарын туһунан кэпсэтэр мунньахха эттэ. Ол туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйар.

“Сыл түмүгүнэн, АЛРОСА хампаанньа СӨ бүддьүөтүгэр 50 млрд кэриҥэ солкуобайы биэриэхтээх. Былаан быһыытынан, кэлэр сылга эмиэ оччо харчы кэлиэҕэ. Хампаанньа өрөспүүбүлүкэ уонна улуустар бүддьүөтүгэр төһө харчыны ыытарыттан эрэгийиэммит бигэ тирэхтээх сайдыыта быһаччы тутулуктаах. Хампаанньа алмаастаах түөлбэ улуустарыгар эрэннэрбит социальнай мэктиэлэрин эрэллээхтик толоро олорор. Бастатан туран, Мииринэй улууһугар. Ол үлэ кэлэр да өттүгэр салҕаныа диэн бигэтик эрэнэбин”, – диэн Айсен Николаев анаан бэлиэтээтэ.

АЛРОСА генеральнай дириэктэрэ Павел Маринычев кэпсээбитинэн, хампаанньа бу сыллааҕы былаанын барытын толоруохтаах – барыта 33 мөл. караат алмаас хостонуохтаах.

Санаттахха, АЛРОСА Саха сирин бүддьүөтүгэр саамай элбэх харчыны төлүүр уонна саамай элбэх олохтоох каадыры үлэлэтэр бырамыысыланнай хампаанньа.

Бэй.кэр.
Хаартыска: Андрей Сорокин/СИА.

Бүтэһик сонуннар