Сахастат чахчылара этэллэринэн, 2026 с. бастакы биэс ыйын иһигэр Саха сиригэр номинальнай ааҕыллар хамнас орто кээмэйэ 149,2 тыһыынча солкуобай буолбут. Былырыын ити кэмнээҕини кытта тэҥнээтэххэ, 8,7%-нан үрдээбит. Ол гынан баран, инфляцияны кытта учуоттаан көрдөрүллэр дьиҥнээх хамнас кээмэйэ 1,5%-нан улааппыт.
Сахастат этэринэн, орто хамнас ыйдарынан маннык буолбут:
- Тохсунньу – 141,5 тыһ. солк.;
- Олунньу – 136 тыһ. солк.;
- Кулун тутар – 154 тыһ. солк.;
- Муус устар 145,2 тыһ. солк.;
- Ыам ыйа – 169,2 тыһ. солк.
Ол түмүгэр, 2026 с. тохсунньутуттан ыам ыйыгар диэри номинальнай ааҕыллар орто хамнас 149,2 тыһ. солк. тэҥнэспит.
Саха сиригэр саамай элбэх хамнаһы кимнээх аахсаллар?
Саха сиригэр саамай элбэх хамнаһы маннык эйгэ үлэһиттэрэ ылаллар:
- Сир баайын хостооччулар – 212 тыһ. солк.;
- Тиэйии-таһыы уонна харайыы – 172,5 тыһ. солк.;
- Профессиональнай, билим уонна тэхиньиичэскэй үлэ-хамнас – 164,5 тыһ. солк.;
- Тутуу – 157,7 тыһ. солк.;
- Үп-харчы уонна страховка эйгэтэ – 154,4 тыһ. солк.;
- Энэргиэтикэ – 139,2 тыһ. солк.;
- Обработкалыыр оҥорон таһаарыы – 135,2 тыһ. солк.
Саамай кыра хамнастаах эйгэлэр – тыа, ойуур хаһаайыстыбалара, булт, балыктааһын уонна балыгы иитии – 78,6 тыһ. солк.
Номинальнай ааҕыллар хамнас (номинальная начсиленная зарплата) – нолуоктара, туох да төлөбүт тутулла илигинэ үлэ биэрээччи үлэһитигэр ыыппыт хамнаһа. Судургутук эттэххэ, 2-НДФЛ ыспыраапкаҕа көстөр суума.
Кыым.ру
Хаартыска: Pravda.ru by Marina Lebedeva is licensed under Free for commercial use
