Ил Түмэн иккис уочараттаах пленарнай мунньаҕар бүгүн, алтынньы 19 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбата киллэрбит «Об установлении величины прожиточного минимума пенсионера в целях установления социальной доплаты к пенсии на 2019 год» диэн сокуон барылын бүтэһиктээхтик ылыннылар. Бу боппуруоска дакылааты үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ Елена Волкова оҥордо.
Сокуон барылыгар үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ кэлэр сылга социальнай эбии төлөбүрү оҥорорго тииһинэн олоруу анал кээмэйин быһаарыллар.
Инньэ гынан, биэнсийэҕэ эбии социальнай төлөбүрү көрөргө 2019 сылга тииһинэн олоруу алын кээмэйэ 13 789 солк., бастакы зонаҕа – 16 822 солк., иккис зонаҕа – 13 418 солк. буолла.