Киир

Киир

Икки ыйдарыттан үс саастарыгар диэри саастаах оҕолору дьыссаатынан хааччыйар сыаллаах Саха сиригэр 2018-2019 сс. 1 млрд 171 мөл. солк. субсидия көрүллүбүт. Ити харчыга 2019 сыл бүтүөр диэри дьыссааттарга 1 287 саҥа миэстэ тахсыахтаах.

Бу үп “Үөрэхтээһин” уонна “Демография” национальнай бырйыактар чэрчилэринэн көрүлүннэ. 2018-2019 сылларга федеральнай бүддьүөт суотугар 1 287 миэстэлээх 12 эбийиэк, ол иһигэр 1 029 миэстэ – 3 саастарыгар диэри оҕолорго, оттон 258 миэстэ ГЧП чэрчитинэн уонна биир эбийиэк ТХМ тыа сирин уйуктаах оҥоруу бырагырааматынан тутуллуохтара. Маннык Сөбүлэҥи быйыл бэс ыйыгар Саха сирин бырабыыталыстыбата уонна РФ үөрэххэ уонна билимҥэ министиэристибэтэ түһэрсибиттэрэ.

Санааҕын суруй