“Турваургин” таба хаһаайыстыбата Чукотка “Островное” хаһаайыстыбатыттан 200 чукча хааргынын атыыласта. Ол туһунан Арктика судаарыстыбаннай кэмитиэтин Төрүт дьарык сайдыытыгар отделын салайааччы Иннокентий Баланов кэпсиир.
“Саха сиригэр чукча хааргыннарын бүтэһигин 15 сыл анараа өттүгэр атыыласпыттара. Мантан антах биэстии сыл буола-буола, хааны “саҥардан” атыылаһар буолуохпут”, - диир Баланов.
“Турваургин” табаһыттара хааргыннары Чукотка Билибинскэй оройуонуттан быйыл сэтинньигэ үүрэн киллэрэр былааннаахтар. Онуоха диэри өрүс-үрэх туруохтаах. Кыыллары табаһыттар уонна зоотехниктар номнуо баран, көрөн-истэн кэлбиттэр.
Билигин Саха сиригэр хааргыннар Аллараа Халымаҕа эрэ бааллар. Онно чукча дьоно-сэргэтэ 15 тыһыынча кэриҥэ чукча табатын көрөн-истэн олорор. Сэбиэскэй саҕана биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ахсаана 60 тыһыынчаҕа тиийэ сылдьыбыта. Кини түргэнник ситэр, төрөлкөй, тымныыны, аас кэми тулуйар боруода быһыытынан сыаналанар.