Киир

Киир

   Уматык сыаната үрдээн, хаачыстыбата мөлтөөн иһэринэн, Саха сиригэр 3-4 сылынан уматык оҥоһуллар буолуоҕа. Өрөспүүбүлүкэҕэ уматык оҥорон таһаарар тэрилтэ суох буолан, Иркутскай уобалаһыттан уонна да атын эрэгийиэннэртэн мөлүйүөнтэн тахса туонна уматык аҕалыллар. Аан дойду ырыынагар ньиэп сыаната үрдүү турар буолан, уматык сыаната эмиэ үрдүүр.

   “Бу түбэлтэҕэ уматыгы оҥорон таһаарар тэрилтэлэрэ суох эрэгийиэннэр эрэйи көрөллөр”, – диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.

Саха сиригэр “Роснефть”, “Лукойл”, “Газпромнефть” курдук бөдөҥ ньиэп хампанньатын сапыраапката суох. “Саханефтегазсбыт”, “Туймаада нефть”, “Сибойл” эрэ үлэлииллэр.

“Уматык кууһунан ылар сыаната үрдүү турар буолан, бу тэрилтэлэр үлэлииллэрэ уустуктардаах. Сыл аҥарын иһигэр сыана 10 солк. кэриҥэ үрдээтэ. Өрөспүүбүлүкэ сапыраапкаларыгар биирдиилээн (розница) атыылаһыы сыаната 5 солк. үрдээтэ”, – диэн Ил Дархан бэлиэтээтэ.

Айсен Николаев этэринэн,  “Саханефтегазсбыт” хоромньута үрдүк да буоллар , сыананы бэс ыйыттан тутан турар.

“Билигин оннук гынар кыаҕа суох, ону таһынан, судаарыстыба өттүттэн уматык сыанатын субсидиялыыр кыахпыт суох. Ол иһин сыана бас баттах үрдүүр.   Инньэ гынан, тус бэйэбит уматыгы оҥорон таһаарыыны тэрийиэхпитин наада”, — диэн Айсен Николаев сырдатта.

Ил Дархан этэринэн, ааспыт сылларга мөлүйүөн туоннаҕа диэри уматыгы оҥорон таһаарыы барыстаах эбит буоллаҕына, билигин эспиэрдэр сыаналыылларынан, 10 тыһ. туоннаҕа диэри барыстаах. Маннык 20-30 тыһ. туонна уматыгы оҥорон таһаарар собуоттары тутуу 45-50 мөл.долл. тэҥ.

Бу инвестордар үбүлээһиннэринэн олоххо киириэхтээх. Эрэгийиэн собуот турар сирин эрэ хааччыйыахтаах. “Сахатранснефтегаз” гаас утаҕын турбата өрөспүүбүлүкэ бас билиитэ буолар.

“Өскөтүн инвестор үлэтин саҕалаатаҕына, бырайыак үлэтэ хамсаатаҕына , собуот аччаабыта 3-4 сылынан биирдэ олоххо киириэҕэ. Бу үлэни номнуо саҕалаатыбыт. 2022 сылга диэри уматыгы бэйэбит оҥорон таһаарар буолуохпут диэн эрэнэбит. Оннук түгэҥҥэ сыананы бэйэбит быһар буолабыт. Бу – нэһилиэнньэҕэ олус табыгастаах буолуо этэ”, – диэн Айсен Николаев иһитиннэрдэ.