Киир

Киир

2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн официальнайдык үлэтэ суоҕунан билиниллибит гражданнарга босуобуйа алын уонна үрдүк кээмэйэ бигэргэннэ. Инньэ гынан, саамай алын кээмэй 850 солк. эбит буоллаҕына, эһиилгиттэн 1500 буолуоҕа, оттон үрдүк кээмэй – 4900 солк. 8000 солк. диэри улаатыаҕа. Бу туһунан РФ Үлэҕэ министиэристибэтин саайтыгар суруйаллар.

Саҥа сылтан аан бастакытын биэнсийэ иннинэҕи саастаах үлэтэ суохтарга босуобуйаны төлүөхтэрэ (саастарынан страховой биэнсийэҕэ тахсыахтарын иннинэ 5 сыл баарына үлэтэ суох хаалбыттарга). Кинилэргэ босуобуйа саамай алын кээмэйэ 1500 солк. буолуоҕа, оттон саамай үрдүгэ – 11 280 солк. (ол эбэтэр иккис кыбартаалга бигэргэниллибит тииһинэн олоруу алын кэмэйин саҕа).

Бу иннинэ дойду үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Максим Топилин эппитинэн, үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ үрдээбитинэн, эрэгийиэннэргэ субвенция кээмэйэ улаатыаҕа (2018 сылга 39 млрд солк., 53,4 млрд солк. (2019) 2020 уонна 2021 сс. – 54,3 млрд солк. тиийэ) .

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар