РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан 2019 сылга Саха сиригэр хомунаалынай өҥө икки төгүл үрдүө. Ол курдук, тохсунньуга — 1,7 %, от ыйын 1 күнүттэн — 4,8 % үрдүө.
“Тарыып от ыйыттан үрдүүрэ сабаҕаланар. Туорааһын быһыытынан 2019 сыл тохсунньу ыйа буолар. Бу “НДС” нолуогун кытта ситимнээх. Биһиэхэ 1,7 % муҥутуур индекси туруордулар”, — диэн СӨ сыана политикатын судаарыстыбаннай комитетын салайааччы Антонина Винокурова иһитиннэрдэ.
Уларыйыылар “НДС” ставката 18 %-тан 20 % диэри үрдээбититтэн киирдилэр. Хомунаалынай өҥө иккиһин от ыйын 1 күнүттэн үрдүө. РФ бырабыыталыстыбатын дьаһалынан Саха сирин муҥутуур индексэ 2,4 % тэҥ.