Киир

Киир

Тохсунньу 1 күнүттэн тыа сиригэр олорор, 30 саастарыгар диэри тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит дьон биэнсийэлэрэ 25 % үрдүө.

“Бу күннэргэ бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ икки уураахха илии баттаата. Бу олохтоммут төлөбүргэ 25 % эбии туһунан буолар”, — диэн РФ Үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа миниистирэ Максим Топилин иһитиннэрдэ.

Кини этэринэн 30 саастарыгар диэри тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит, тыа сиригэр олорор үлэтэ суох дьон биэнсийэлэрэ үрдүө.

“Тохсунньу 1 күнүттэн биэнсийэ таһыма 7 % үрдээн, биэнсийэлээхтэр ылар 1000 солк. эбии 1300-1400 солк. ылыахтара. Биэнсийэ пуондатын бүддьүөтүгэр 16 млрд. солк көрүлүннэ. Төлөбүр үүнэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн түһүө. Биэнсийэ пуондатыгар кэлэ сылдьар наадата суох”, — диэн Топилин бэлиэтээтэ.

Санааҕын суруй