Киир

Киир

Сыллатааҕы биэнсийэ индексацията үүнэр сылтан 2024 сылга диэри ыытыллыа.

Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт дьон биэнсийэлэрэ 7% үрдүө. Бу туһунан Арассыыйа Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын дьаһайааччы Георгий Степанов иһитиннэрдэ.

Алтынньы 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн  өрөспүүбүлүкэҕэ 275,5 тыһ биэнсийэлээхтэр олороллор. Олортон 82% — кырдьар сааһынан тахсыбыттар. Бу күҥҥэ Саха сиригэр биэнсийэ орто кээмэйэ 18 тыһ солк тэҥ. Онтон кырдьар сааһынан тахсыы биэнсийэтэ 1,5 тыһ солк үрдүк.

Георгий Степанов этэринэн, индексация кэнниттэн страховой биэнсийэ ыйга 1300 солк үрдүө, ол аата сылга 12 тыһ солк тэҥнэһэр.

Үлэлээбэт, тыа сиригэр олорор уонна тыа хаһаайыстыбатыгар 30 сылтан итэҕэһэ суох үлэлээбит дьон биэнсийэлэрэ, үүнэр сыл тохсунньу 1 күнүттэн 25 % ол аата 1333,5 солк эбиллиэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар