Киир

Киир

Өрөспүүбүлүкэҕэ хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү бырагыраамма иккис түһүмэҕин олоххо киллэриигэ үбүлээһин көрүлүннэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Эбии докумуоҥҥа Ил Дархан Айсен Николаев уонна ДьУКХ реформированиятыгар көмөлөһөр пуонда генеральнай дириэктэрэ Константин Цицин илии баттаатылар.

Докумуоҥҥа сурулларынан судаарыстыбаннай корпорация дьону хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүгэ эбии үбүлээһини көрөр. Ол курдук, 2021 сылга диэри Саха сирэ 20 тахса млрд солк ылыа. Мантан 5 млрд солк бу сылга түһэрэ күүтүллэр. 2020 сылга 8 тахса млрд солк, 2021 сылга эмиэ   8 тахса млрд солк түһүөхтээх.
Бу сөбүлэҥ хаарбах дьиэлэртэн көһөрүүнү түргэтэтиэ. Саха сиригэр хаарбах дьиэлэр уопсай иэнэ 1 млн кв м тэҥнэһэр. Бу кыһалҕаны төһөнөн түргэнник быһаарабыт да, дьоҥҥо уонна экологияҕа үчүгэй буолуо. Ол иһин, өрөспүүбүлүкэ үбүлээһини эрдэ ылар. Туруоруллубут былаан туолуо диэммин эрэнэбин”, – диэн  Константин Цицин эттэ. 

Ил Дархан Константин Цициҥҥа өйөбүлүн иһин махтанна. Санатар буоллахха, уопсайа 1 мөл 140 тыһ кв м иэннээх 3,5 тыһ элбэх кыбартыыралаах хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү былааннанар. Бу 2012 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 2017 сыл тохсунньу 1 күнүгэр диэри хаарбах туруктааҕынан ааҕыллыбыт дьиэлэр.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата эрдэ  бу сорукка 61 млрд 142 мөл солк ууруллубутун туһунан иһитиннэрбитэ. Онтон 60 млрд 531 мөл солк ОДьКХ реформированиятын пуондата үбүлүүр. Оттон 611 мөл солк өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтэ көрөр. Илиҥҥи экономическэй форумҥа 2021 сылга диэри 20 тахса млрд солк ылара билиннэ. Мантан сорҕото федеральнай бүддьүөккэ ууруллубут. Онтон сорҕотун эбии үбүлүөхтэрэ. Онон ууруллубут харчыттан эбии 18 млрд солк ылыаҕа.

 News.Ykt.Ru

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар