Сэтинньи 6 күнүгэр медиа-кииҥҥэ “Аһаҕас парламент” былаһааккаҕа, “Саха өрөспүүбүлүкэтин 2020 уонна 2021-2022 с былааннаммыт кэмин бүддьүөтэ” диэн сокуон бырайыагын кээмэйин дьүүллэһии буолла.
Манна Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Петр Гоголев, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Владимир Солодов, бүддьүөккэ, үпкэ, нолуокка, сыана бэлиитикэтигэр, бас билиигэ уонна приватизацияҕа Ил Түмэн олохтоох кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев, үп миниистирэ Валерий Жондоров, экэниэмикэ миниистирэ Майя Данилова, профсойуустар федерацияларын бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтярев кыттыыны ыллылар. Ону таһынан, норуодунай дьокутааттар, бырабыыталыстыба, ааҕар-суоттаар палаата чилиэттэрэ, экспертэр, суруналыыстар, уопсастыбаннас уонна ХИФУ устудьуоннара дьүүллэһиигэ кыттыстылар.
Хас биирдии салайааччы дакылаат аахта. Ил Түмэн спикерэ Петр Гоголев “Аһаҕас парламент” былаһаакка ааспыт сыллаахха тэриллибитин иһитиннэрдэ. Өрөспүүбүлүкэ хас биирдии олохтооҕо нэһилиэнньэни долгутар, ордук сытыы боппуруостары дьүүллэһиигэ кыттар кыахтаммытын туһунан кэпсээтэ. Маннык хабааннаах былаһаакка эрэгийиэн сайдыытыгар төһүү күүс буоларыгар эрэнэрин эттэ.
Үп миниистирэ Валерий Жондоров иһитиннэрбитинэн, 2020 сыллаах бүддьүөт дохуотун кээмэйэ 179 млрд 333 мөл солк, хоромньу 180 млрд 332 мөл солк, оттон дефицит кээмэйэ 999 мөл солк. Нолуок дохуота 110 млрд солк буолара былааннанар. Ону таһынан, нолуогу таһынан 11 млрд 480 мөл солк дохуот киириэхтээх. Төлөбүрэ суох 57,6 млрд солк киирэрэ былааннанар. Ону тэҥэ федеральнай бүддьүөттэн 18,4 млрд солк үп көрүллүөхтээх.
Александр Назаров хаартыската