Киир

Киир

2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн сокуоҥҥа, тыа сиригэр олорор уонна тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит дьон льготалаах биэнсийэтин нуормата баар буолбута. Ол көмөтүнэн 500 тахса киһи үрдүк биэнсийэни ылыахтаахтар. Билигин өрөспүүбүлүкэ 3562 олохтооҕо бу быраабы  туһанар. Бу туһунан РФ Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов иһитиннэрэр.

Кини бу урукку уонна билиҥҥи сылларга тыа сирин олохтоохторугар бастакы льгота буоларын бэлиэтиир. Биэнсийэ олохтоммут сууматтан 25 %, ол аата 1335 солк үрдээбит. Маны тыа сиригэр олорор, үлэлээбэт, 30 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит ыстаастаах дьон ылаллар.

Бу сыл түмүктэниэр диэри 30 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит ыстаастарын туоһулуур докумуоннаах, сайабылыанньалаах биһиэхэ кэллэхтэринэ, бу сыл тохсунньу 1 күнүттэн иккистээн ааҕыыны оҥоруохпут”, – диэн Георгий Степанов этэр.

Оттон 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн докумуоннарын туттарбыт дьон киэнэ, 2020 сыл олунньу 1 күнүттэн иккистээн ааҕыллар диэн эбэн этэр.

ysia.ru/

Санааҕын суруй