Киир

Киир

Уһук Илиҥҥэ икки бырыһыан чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэр буолуохтарыттан ыла (икки эрэ нэдиэлэ ааста) уопсайа 107,8 мөл. солк. суумалаах ипотека кирэдьиитин биэрбиттэр. Бу туһунан Интерфакс иһитиннэрэр.

“32 кирэдьиити биэрбиттэр. Ордук Приморье кыраайын олохтоохторо ылаллар”, - диэн Уһук Илиҥҥэ киһи хапытаалын сайыннарар ааҕыныстыба генеральнай дириэктэрэ Сергей Ховрат кэпсиир.

Биэдэмэстибэ суруйарынан, ахсынньы 23 күнүгэр уһук илиннээҕи ипотеканы ылыыга 1777 сайаапканы хомуйбуттар. Олортон улахан аҥара номнуо көрүллүбүт, отттон 411 сайаапканы бигэргэппиттэр.

Бу иннинэ ДОМ.РФ баан Уһук Илин олохтоохторугар икки бырыһыаннаах ипотеканы биэриигэ 1 млрд солк. көрбүтэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар