Киир

Киир

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Федеральнай мунньахха 16-с анал этиитигэр, 2021 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри болдьохтоох ийэ хапытаалын үрдэтэр уонна болдьоҕун уһатар   туһунан  эттэ.

Ол курдук, иккис оҕоҕо бэриллиэр ийэ хапытаала 150 тыһ солк үрдээн 616 тыһ 617 солк буолуоҕа уонна болдьоҕо 2026 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри уһуоҕа. Ону таһынан, ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо эмиэ бэриллиэр буолуоҕа. Ол курдук, 2020 сыл тохсунньу 1 күнүттэн бастакы оҕоҕо 466 тыһ 617 солк ылыахтара.   Ону таһынан, үһүс оҕоҕо ипэтиэкэ кирэдьиитин төлүүргэ 450 тыһ солк көрүллүөҕэ. Инньэ гынан, элбэх оҕолоох ыал суудаарыстыба көмөтүнэн дьиэ боппуруоһун быһааралларыгар 1 мөл тахса солк угар кыахтаныахтара.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар