Бүгүн, олунньу 19 күнүгэр “Бүлүү” федеральнай суол управлениета “Хотьковский автомост” ААУо-ны кытары, Үөһээ Бүлүү аннынан Бүлүү өрүһү туоруур “Бүлүү” А-331 федеральнай суол 660 км күргэ бырайыагын оҥорууга судаарыстыбаннай хантыраагы түһэристилэр.
Хантыраак быһыытынан, инженернэй көрдөөһүн, күргэ уонна күргэҕэ тиксии бырайыактара, градостроительнай докумуон, итиэннэ судаарыстыбаннай эспэртиисэни ыытыы үлэтэ барыаҕа. Бырайыактыыр-көрдүүр үлэ 2021 сыл иккис аҥарыгар түмүктэниэҕэ. Бырайыак этэҥҥэ бигэргэннэҕинэ, күргэ тутуута 2021 сылтан саҕаланыа уонна 2024 сылга түмүктэниэ. Эбийиэги федеральнай үптэн туталлар. Быһа холоон 20-22 млрд солк сыаналаах. Күргэ уһуна быһа холоон — 1,7 км, күргэҕэ киириигэ суол уһуна – 20 км. Бу күргэ тутулуннаҕына, Ньурбаттан Дьокуускайга дылы сыл устата сырыы баар буолуоҕа.
“Бүлүү” федеральнай суол управлениетын начаалынньыга Николай Иванович Андреей, суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ бу сыллааҕы үлэ былаанын билиһиннэрдэ. Ол курдук, быйыл Үөһээ-Бүлүү–Ньурба кыраныыссатыгар Түүкэн, Сунтаар–Мииринэй кыраныыссатыгар Оччугуй Ботуобуйа уонна Сунтаарга Саһар-Үрэх, Улахан-Муҥур өрүстэри туоруур күргэлэр тутуллаллара былааннанар. “Халыма” федеральнай суолга икки учаастак: Теплай Ключ бөһүөлэктэн Усть-Нераҕа диэри уонна Усть-Нераттан Магадан уобалаһын кыраныыссатыгар диэри учаастактарга үлэ саҕаланара былааннанар. Ону таһынан, Алдан өрүһү туоруур күргэ бырайыага оҥоһуллуохтаах.
“Хотьковский автомост” ААУо генеральнай дириэктэрэ Павел Владимирович Новиков хампаанньа туһунан кылгастык билиһиннэрдэ. Ол курдук бу тэрилтэ 1993 сыллаахтан үлэлиир. Бу кэм устата 40 тахса эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрбиттэр. “Күргэ бырайыага кылгас кэм иһигэр оҥоһуллуо. Бу сыалы-соругу ситиһиэхпит”, – диэн Павел Владимирович эттэ.