Киир

Киир

Сэрии уонна тыыл бэтэрэннэрэ бу муус устарга Кыайыы 75 сылынан сибээстээн биир кэмнээх уонна биир сыллаах көмө төлөбүрүн ылыахтара. Маннык төлөбүрү Владимир Путин эрэннэрбитэ. Бу туһунан эрэгийиэн үлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

“Муус устардааҕы биэнсийэҕэ Саха сирин 4939 сэрии уонна тыыл бэтэрээнэ биир кэмнээх көмө харчыны – 50 (тыыл бэтэрээннэригэр) уонна 75 тыһ. солк. (сэрии кыттыылаахтарыгар) Кыайыыннан сибээстээн уонна 10-нуу тыһ. солк. сыллааҕы көмө харчыны тутуохтара”, - диэн министиэристибэ суруйар.

Санатар буоллаха, дойдуга кытаанах эпидемиологическай балаһыанньаннан сибээстээн, Владимир Путин көмө харчыны кыра болдьох иһигэр, ыам ыйынааҕы өрөбүллэр иннилэригэр дылы төлүүллэригэр эппитэ.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар