Киир

Киир

Владимир Путин 3-16 саастаах оҕолорго 10-нуу тыһ. солк. көмө харчыны биэрэргэ сорудахтаабыта бүгүҥҥэттэн саҕалаан олоххо киирэн эрэр.

Биэнсийэ Пуондатын Саха сиринээҕи салаата этэринэн, судаарыстыбаттан 10 тыһ. солк. эбии көмө харчыны өрөспүүбүлүкэҕэ 180 тыһ. кэриҥэ дьиэ кэргэн ылыаҕа. Анатар буоллахха, маннык көмөнү ыал дохуотуттан тутулуга суох, 3-16 саастаах оҕолордоох дьон ылыаҕа.

Бу төлөбүртэн ураты, өрөспүүбүлүкэҕэ Ийэ хапыталлаах, үһүгэр диэри саастаах, хас биирдии оҕоҕо 5 тыһ. солк. көрүллэр көмө харчыны туһанарга сайаапканы алтынньы 1 күнүгэр дылы ыла олороллор.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар