Киир

Киир

2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан, ыал иккис оҕото уонна онтон кэлэр оҕото төрөөтөҕүнэ (иитэ ыллаҕына) кинилэр сыллааҕыта 5 %-наах ипотека кирэдьиитин туһанар бырааптаах. Маннык чэпчэтиилээх кирэдьиит 2020 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри бэриллэрин санатабыт.

Аны ыал үһүс уонна онтон кэлэр оҕото 2019 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн төрөөбүт түгэнигэр эрдэ ылбыт ипотека кирэдьиитин төлөһөрүгэр 450 тыһ. солк. ылар кыахтаах. Бу социальнай өйөбүлү эмиэ 2022 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри кэмҥэ туһаныахха сөп.

Уопсайынан, уонна да атын оҕолордоох дьоҥҥо көрүллэр социальнай өйөбүл туһунан сиһилии www.e-yakutia.ru саайка киирэн билсэр кыахтааххыт.