Киир

Киир

Маннык ис хоһоонноох Сойуус тэриллэрин туһунан дуогабары Уһук Илин уокуругун хас да баһылыга уонна губернатора түһэрдилэр.

Холбоспут авиахампаанньалар ааттара “Тайга” диэн буолар уонна Уһук Илин уокуругун сиригэр-уотугар үлэлиэхтэрэ.

Сойуус иһигэр барыллаан “Якутия”, “Полярные авиалинии”, “АЛРОСА”, “Хабаровские авиалинии”, “Камчатское авиационное предприятие”, “Авиашельф” хампааннаьлар киириэхтэрэ. 2024 сылга диэри 60 устуука “Сухой Суперджет 100”, 16 устуука “МС-21” сөмөлүөттэр ылыллыахтаахтар.

Кэтиир Сэбиэт (Наблюдательный Совет) тэриллиэхтээх, онно Уһук Илин субъектарын бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр. Билигин 500-тэн тахса социальнай суолталаах маршрутнай сеть оҥоһуллубут. Онон, бу Сойуус сүрүн соруга – нэһилиэнньэ тыраанспары туһанарыгар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, авиабилиэттэр сыаналарын намтатыы, Уһук Илиҥҥэ бэйэ дойдутун сөмөлүөттэрин туһаныы буолар.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар