Саха сирин олохтоохторо өрөспүүбүүлүкэ бүддьүөтүн үбүн баһыйар өлүүскэтин киллэрэр, ону ааһан элбэх социальнай бырагыраамалары үбүлүүр, дьону үлэнэн хааччыйар – “АЛРОСА” алмаас хампаанньата – бу ааһан-араҕан быстыбат хамсык ыарахан кэмигэр хайдах-туох үлэлии олорорун, бүгүҥҥү туруга хайдаҕын, алмаас атыыга барыыта хайдаҕын бары да сэҥээрэр буолуохтааххыт. Онон мантан аллара суруллары сэҥээриэххит дии саныыбыт. Хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов бэлиэтииринэн, алмаас ырыынага сыыйа да буоллар чөлүгэр түһэн эрэрэ көстөр. Ол курдук, “АЛРОСА” хамсык кэмин хас эмэ ыйын тухары атыылаабыт сырьетунааҕар бу кэнники нэдиэлэлэргэ быдан элбэҕи батарбыт. Ону тэҥэ хамаанньа атыыта-тутуута бу сыл төрдүс кыбартаалыгар, кыһыҥҥы, сылы көрсөр, түмүктүүр бырааһынньык элбэх кэмэ буоларынан, ааспыт сыллааҕы көрдөрүүтүгэр тахсыа диэн суоттанар.
Владимир Путин «АЛРОСА» генеральнай дириэктэрэ Сергей Ивановтуун кэпсэттэ
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин соторутааҕыта, ол эбэтэр, бу дьыл алтынньы 12 күнүгэр, “АЛРОСА” АХ (ПАО) генеральнай дириэктэрэ, аахсыйалаах хампаанньа бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Сергей Иванову оробуочай көрсүһүүгэ ыҥыра сырытта. Кинилэр бу кэпсэтиигэ аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбит хоруона хамсыгын утары охсуһуу кэмигэр биһиги алмаас хостуур корпорациябыт хайдах-туох үлэлии-хамсыы олорорун, былаанын дьүүллэспиттэр. Бу туһунан kremlin.ru саайт суруйар. Кэпсэтии тылбааһын, уларытыыта суох эһиги болҕомтоҕутугар таһаарарбытын көҥүллээҥ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин:
– Үтүө күнүнэн! Сергей Сергеевич, пандемия усулуобуйатыгар ювелир салаата уонна кини сүрүн тирэҕэ буолар алмаас хостуур хайысха, бүтүн аан дойду оҥорон таһаарыытыгар сыһыанаан эттэххэ, олус уустук балаһыанньаланна. Эһигини кытта күрэстэһээччилэр баһыйар үгүстэрэ үлэлэрин тохтоттулар, үлэһиттэрин, буолан баран, элбэх киһини, уураталлар, бэйэлэрэ моҥкурууттуур турукка киирдилэр. “АЛРОСА” – биһиги дойдубутугар эрэ буолбакка, аан дойду бүттүүнүн үрдүнэн алмаас хостуурунан дьарыктанар биир бөдөҥ тэрилтэ, бүтүн Саха сирин бүддьүөтүн быһаарар сүҥкэн суолталаах. Күн бүгүн хампаанньа хайдах балаһыанньалааҕый уонна кэнэҕэски үлэлиир кэскилин эн хайдах сыаналыыгын?
Сергей Иванов:
– Убаастабыллаах Владимир Владимирович! Иһитиннэриибин эпидемиологическай балаһыанньаттан, чопчута Саха сирин, Мииринэй оройуонун киэниттэн саҕалыахпын баҕарабын. Бу сыл кулун тутар ыйыттан саҕалаан, биһиги Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна туһааннаах кэккэ федеральнай структуралары кытта бииргэ үлэлэһэн, хоруона вируһун импиэксийэтэ тарҕамматыгар туһуламмыт кэккэ быһаарыыны, дьаһалы ылыммыппыт. Ол түмүгүнэн биһиги мэдиссиинэ инфраструктурата – эрэгийиэннээҕи да, корпоративнайы даҕаны – бастакы пациеннары көрсөргө бэлэм буоларын ситиспиппит. Хампаанньабыт хара хамсык саҕаланыаҕыттан хайыы- үйэ 800 мөл. солк. тахса үбү мэдиссиинэни өйүүргэ уонна хампаанньа үлэһиттэрин доруобуйатын харыстыырга инбэстииссийэлээтэ. Алмаас хостуурунан дьарыктанар атын дойдулартан атына – биһиги сир аннынааҕы рудниктарга уонна аһаҕас карьердарга да, ыытыллар үлэни кыратык да тохтоппокко ыыттыбыт.
Сөпкө этэҕин, Владимир Владимирович, күн бүгүн даҕаны «АЛРОСА» -- аан дойду алмааһы хостуур салаатын инники күөҥҥэ иһээччитэ, лиидэрэ. Ону ааһан, төһө да уустук кэм турдар, биһиги кэнники ыйдарга алмааһы ылар өлүүскэбитин кыралаан эбэн биэрдибит. Хампаанньа иннин диэки салгыы сайдар, үлэ көдьүүһүн үрдэтиигэ туһуламмыт бырайыактарынан ылсан дьарыктанабыт, оҥорон таһаарыыга автоматизацияны киллэрэбит, улахан дааннайдары кытта – “сыыппара рудник” курдук балайда элбэх бырайыакпытыгар үлэлэһэбит. Инфраструктура бырайыактарын этэр буоллахха, Владимир Владимирович, хас да сыллааҕыта Мииринэй куоракка саҥа аэропорду тутар быһаарыыны ылыммыккар махтаныахпын баҕарабын. Аэродром инфраструктурата – федеральнай бүддьүөт, оттон аэровокзал холбоһугун, ТЗК-ны (уматыгынан сапыраапкалыыр холбоһугу), ситими үбүлээһини хампаанньа суотугар оҥоһуллар мадьыалы талбыппыт. Биһиги саҥа инфраструктураны оҥорууга ирдэнэр үбүлээһини федеральнай бүддьүөтү кытта аҥаардаһан уйунабыт. Бу – судаарыстыба уонна чааһынай бииргэ үлэлэһии биир үтүө холобура буолар диэм этэ. Ону таһынан биһиги билигин хотугу куораттары, бастатан туран, Удачнайы, гааһынан хааччыйыынан дьарыктанабыт. Маны ситистэхпитинэ, үрдүк сыаналаах электроэнергияны туһаныыттан бэйэбит гаас генерациябытыгар көһөн, уотунан хааччыллыы лаппа эрэллээх буоларын ситиһэр, хотугу оройуоннарбыт уота суох хаалар кутталларын (энергобезопасность) суох гынар кыахтанабыт. Биллэн турар, хамсык турууга биһиги ылыммыт тосхоллорбутугар биллэр-көстөр уларыйыылары киллэрэр. Иккис кыбаарталга атыы-тутуу кээмэйэ түспүтүгэр харда дьайыылары оҥорорго күһэллибиппит. Алмаас норуотттар икки ардыларынааҕы ырыынагын оннугар түһэрэр (стабилизациялыыр) быһаарыылары ыларга ылсыбыппыт. Балай эмэ уустук балаһыанньаҕа түбэспит алмаас кырыылыыр баабырыкалары өйөөтүбүт.
Алмааска, бирилийиээҥҥэ наадыйыы сыыйа-баайа оннугар түһүөхчэ буолла диэн көрөбүт. Биллэн турар, ол көрдөрүү хамсык иннинээҕигэ тэҥнээтэххэ кыра. Ол да буоллар хампаанньа бүгүҥҥү үбүн туруга сөптөөх таһымҥа турар уонна ырыынак улаатарыгар бэлэм.
Маныаха, Владимир Владимирович, биһиги Арассыыйа Федерациятын Үпкэ министиэристибэтин кытта дойду Гохраната биһигиттэн алмаас атыылаһарын туһунан кэпсэтиһэ сылдьабыт. 2008 сыллаах үп кириисиһин кэмигэр итинник дьаһаныы ылылларын эн өйөөн тураҕын. Оннук атыылаһыы түмүгэр хампаанньа оннун-тойун булан, социальнай балаһыанньата тупсан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүгэр көмөлөһөр кыахтаммыта, биһиги хампаанньабыт өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн таҥар сүрүн тэрилтэ буолар. Ол кэмҥэ, 2008 сыллааҕы кириисис кэмэ буолан, алмаас үрдүгэ суох сыанаҕа атыыламмыта, хойутуу, ырыынак чөлүгэр түспүтүгэр судаарыстыба олору үчүгэй сыанаҕа батаран, барыс аахсыбыта. Билигин биһиги ити курдук дьаһаныы наадатын ырытыһабыт. Сотору кэминэн түмүктээх быһаарыы ылыллыаҕар эрэллээхпит. Ааспыт сыл алтынньытыгар, Сочига ыытыллыбыт “Арассыыйа – Африка” саммикка, эйиэхэ дакылааттаабытым курдук, бэйэбит бырайыактарбытын Анголаҕа күүскэ ыыта сылдьабыт. Эн былырыын Ангола бэрэсидьиэнин кытта иккитэ көрсөн тураҕын, биһиги “Катока” ГРО (хайа уруудатын уопсастыбата) диэн кыттыгас тэрилтэбит сайдар, билигин кэккэ кэскиллээх бырайыактары дьүүллэһэ сылдьабыт. Былырыын эн өссө Зимбабве бэрэсидьиэниниин көрсүбүтүҥ. Эһиги ол көрсүһүүгэ таарыйбыт боппуруостаргытыгар балай эмэ ситиһиилэр баар буоллулар, бастакы лиссиэнсийэлэри ылбыппыт. Геологтар билигин ити сир баай саппаастаах сирдэрин ымпыктаан-чымпыктаан чинчийиигэ ылыстылар.
Биллэн турар, биһиги геолог-чинчийэр холбоһукпут чуолаан Саха сиригэр күүскэ үлэлэһэр, биһиги тутаах болҕомтобут саҥа саппаастаах сири булууга туһаайыллар. Сылга биһиги геолог чинчийэр үлэтин эйгэтигэр ананар бырайыактарга 7 миллиард солк. инбэстииссийэлиибит. Геологтарбыт мэктиэлииллэринэн, биһиги бэрт интэриэһинэй суоналары таба тайаммыппыт, ол сирдэргэ, бэл, алмаас саппаастаах саҥа түөлбэлэр да баар буолуохтарын сөп.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин:
– Алмаас кырыылааччылары өйөөтүбүт диэтиҥ. Кинилэри кытта сыһыаннаһыыны хайдах таҥаҕыт? Ити эн биһиги кырыылааччыларбыт эрэ туһунан этэр буолбатаххын эбэтэр биир бастакынан биһиэннэрин туһунан этэҕин дуу?
Сергей Иванов:
– Оннук, Владимир Владимирович, биллэн турар, Арассыыйатааҕы алмаас кырыылааччылар тустарынан эттэххэ, “АЛРОСА” бөлөҕөр былырыын, сыл бүтүүтүгэр “Кристалл” кырыылыыр собуот киирбитэ. Бу собуот үпкэ балаһыанньата сөбүгэр уустук балаһыанньалаах буолан, үбүнэн чэбдигирдэргэ күһэллибиппит. Хомойуох иһин, собуот үлэтэ биир кэм тохтоон турбута, пандемия кэмигэр наадыйыы тохтоон, бирилийээннэри батарар кыах суоҕа. Соторутааҕыттан бэттэх оҥорон таһаарыыны сөргүтэн, сыл бүтүөр диэри күүскэ үлэлээн, бырааһынньык сезонугар элбэх ювелир оҥоһуктарын батарарга бэлэм буолуохпут диэн суоттанабыт.
Ону таһынан «АЛРОСА» атын, тас дойдулар кырыылыыр баабырыкаларын эмиэ өйөөтө. Ол курдук, сырьёну эһиэхэ уһун болдьохтоох хантыраагынан эрэ биэрэбит диэн моһойбокко, сөптөөх кээмэйинэн атыылыырга сөбүлэспиппит. Оннук гымматахха, кинилэр оҥорон таһаарар бирилийээннэрин пандемия кэмигэр кыайан батарбат кыһалҕаланан, тохтуурга күһэллиэхтэрэ этэ. Биһиги, этэргэ дылы, кинилэргэ түөрт-биэс ый тыынар салгыннарын уһатан биэрбиппит. Ол быһаарыыбыт сөптөөҕө көһүннэ. Билигин табаардарын батаран, “АЛРОСА”ттан алмаас атыылаһарга сөптөөх үптэммиттэрин көрөбүт, сыана да кэнники ыйдарга олус биллэ-көстө уларыйбата. Хамсык кэмигэр тохтообокко алмааһы батарбыппыт курдук батара турбуппут буоллар, оннук буолуо суох этэ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин:
– Ырыынак орун-оннугар түһэн эрэр диигин, эн оннук көрөҕүн дуо? Ити да буоллар Бырабыыталыстыбаны, Үп министиэристибэтин кытта урут туттулла сылдьыбыт өйөбүл араас барыйааннарын толкуйдуугут? Наада дуо ол өйөбүл?
Сергей Иванов:
– Биһиги бу сыл төрдүс кыбаарталыгар былырыыҥҥы атыы-тутуу таһымыгар чугас көрдөрүүгэ тахсыахпыт диэн эрэллээхпит. Ол да буоллар, биллэн турар, иккис кыбартаалга алмаас атыытыгар бэлиэтэммит бырабаал, хайдаҕын да иһин, улахан (олус ураты) этэ. Эспиэрдэр баһыйар өттүлэрэ ити сыыппаралары ааспыт үйэ 20-с сылларынааҕы, атыы 90-95% түспүт кэмигэр тэҥнииллэр. “АЛРОСА” кэккэ социальнай эбэһээтилистибэлэрин толоруутун салгыы ыытарын учуоттаан, биһиги хайа да түгэҥҥэ социальнай бырагыраамаларбытын секвестируйдаабатыбыт. Маннык түгэҥҥэ Үп министиэристибэтин кытта Арассыыйа Федерациятын Госпуондатыгар алмаас сырьетунатыылаһар наада буолсу диэн дьүүллэспиппит. Бу маннык дьаһаныы, -- оҥорон таһаарыы уонна туһаныы икки ардыгар хайа эрэ түгэҥҥэ дисбаланс баар буолар туруктаах ырыынагар алмаас төһө эрэ кээмэйин уста түһүү – судаарыстыба ыытар интервенциятын өттүттэн туһалаах буолуо этэ. Владимир Владимирович, итинник быһаарыыны өйөөбүт 2008 сылгыттан “АЛРОСА” Арассыыйа Федерациятын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөттэригэр нолуок уонна дивидент быһыытынан 800 милийээртэн тахса солк. киллэрдэ.
Бэрэсидьиэн Владимир Путин:
– Оттон дьарыктаах, үлэлээх буолуу чааһа хайдаҕый?
Сергей Иванов:
– Владимир Владимирович, хампаанньа бөлөҕөр күн бүгүн 33 тыһ. чугаһыыр киһи үлэлиир. Каадыр уларыйыытын көрдөрүүтэ биһиэхэ 7 % курдук. “АЛРОСА” хампаанньаҕа орто хамнас – 130 тыһ. солк. кэриҥэ, бу – Арассыыйатааҕы орто көрдөрүүттэн – таһыччы, Саха сирин орто хамнаһыттан – быдан үрдүк. Хампаанньа хас сыл аайы 9 миллиард солк. тиийэ кээмэйдээх социальнай чэпчэтиини инбэстииссийэлиир, итинтэн аҥаара эрэ – быһа тарыйан эттэххэ, сокуонунан көрүллэр, оттон 4 милийээртэн тахсата – эбии чэпчэтии, биһиги социальнай бакыаппыт буолар.
Бэрэсидьиэн В.Путин:
– Үчүгэй.
Атыы-тутуу түмүктэрэ
Бу сыл тоҕус ыйыгар уонна ол иһигэр чопчу балаҕан ыйыгар алмаас уонна бирилийээн атыыта маннык буолбут. 2020 сыл балаҕан ыйыгар уопсайа 336,0 мөл. солк. суумалаах алмаас уонна бирилийээн бородууксуйа атыыламмыт. Итинтэн сырьенан барбыта – 328,2 мөл. $, оттон бирилийээн атыытыттан киирбитэ − 7,8 мөл. $. Дьэ, оттон тоҕус ый устата холбоон, “АЛРОСА” уопсайа 1,580 млрд дуоллардаах бородууксуйаны батарбыт. Итинтэн сырье атыытыттан киирбитэ – 1,508 млрд дуоллар. Ол эбэтэр 71.4 мөл. дуоллар чопчу бирилийээн атыытыттан киирбит.
Бу туһунан “АЛРОСА” АХ (ПАО) генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Евгений Агуреев маннык диир:
«Кырыылыыр хампаанньалар уонна ритейллэр саппаастарын таһыма сыыйа-баайа оннугар түһэрин баттаһа, атырдьах ыйыттан саҕаламмыт алмаас сырьетугар наадыйыы балаҕан ыйыгар да баарын атыы-тутуу түмүгэ көрдөрөр. Килийиэннэрбит биһиги хамсык кэмигэр торумнаан таһаарбыт, олоххо киллэрбит инструменнарбытын, көхтөөхтүк тутталлар. Ол курдук, холобур, Москубаҕа кэлэ сатаабакка, ALROSA Video-Viewer диэн, сырьену ыраахтан (дистанционно) олорон эрэ субу көрөн турар курдук ымпыгар-чымпыгар диэри көрдөрөр өҥөнү туһанан, табаардарын ситиһиилээхтик талан ылаллар. АХШ уонна Кытай тутаах ырыынактарыгар атыылаһааччылар ювелирнай маҕаһыыннарга сылдьар, атыылаһар буолан эрэллэр, ол иһигэр онлайн-атыы күүскэ сайдыбыта көмөлөһөр. Ол да буоллар, алмааска-бирилийээҥҥэ наадыйыы чөлүгэр түһэн эрэр диэн бигэ санаа бырааһынньык сезонун түмүгүнэн эрэ этиллэр кыахтаах, ол кэм кэккэ дойдуларга эпидемиологическай балаһыанньалара ыарыыр кэмигэр сөп түбэстэ».
Тылбааһы бэлэмнээтэ Т.Захарова-ЛОҺУУРА.