Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба дьаһалтата иһитиннэрэринэн, Өлүөнэ күргэтин тутуу бырайыагын ымпыгар-чымпыгар дылы федеральнай таһымҥа ырытыахтара.
Бу туһунан бырабыыталыстыба бастакы солбуйааччытын эбээһинэһин быстах кэмҥэ солбуйааччы, соторутааҕыта саҥа анаммыт Дмитрий Бердников эппит. “Өлүөнэ күргэтин тутуу бырайыагын кытары үлэ тохтообот, былааннамыттан сыҕарыйыы суох. Баар боппуруостары суһаллык быһаарарга өрөспүүбүлүкэҕэ оробуочай бөлөх тэриллибитэ. Күргэ тула мунньаҕы кһн ахсын ыытабыт”, - диэн Бердников этиитин тиэрдэллэр. Вице-премьер Саха сирин салалтата “Ростех” горпорацияны уонна “ВИС” хампаанньа-бөлөҕүн уонна федеральнай былаас уорганнарын кытары ыкса үлэлэһэллэрин бэлиэтээбит. Бырйыагы олоххо киллэрии бары пууннарын бары тэҥҥэ илдьиритиһэллэр эбит. Дмитрий Бердников этэринэн, сотору кэминэн федлеральнай таһымҥа эрэгийиэннэргэ суолу тутууга бырайыактары бигэргэтэр биэдэмэстибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мустан дьүүллэһиэхтээх. Онно Өлүөнэ күргэтин тутуу тула ымпыгар-чымпыгар тиийэ дьүүллэһиэхтэрэ.