Киир

Киир

2020 сыл 3-с кыбартаалыгар, 2-с кыбартаалга холоотоххо, дойдубут 61 эрэгийиэнигэр нэһилиэнньэ дохуота улааппыт. Сэрэйиллэрин да курдук, ол төһө да бэйэлээх улаатыы буолбатах. Экэниэмикэ букатын сиҥнэн түспүт 2-с кыбартаалын эрэ кытта тэҥнээтэххэ арыый өрүттүбүт.

Улахан эбиллии дойдубут соҕуруу эрэгийиэннэригэр, Краснодар кыраайыгар (51,6 %), Дагестаҥҥа (30,6 %), Кабарда-Балкарияҕа (25,3 %), Ставропольеҕа, Брянскайга, Ростовка, Чечняҕа, Хотугу Осетияҕа, Адыгеяҕа... буолбут. Чэ, быһата, дьаҥ бастаан турарыгар саамай улахан охсууну ылбыт сирдэргэ.

Ол оннугар, урукку өттүгэр дьаҥтан улаханнык дьарыллыбакка олорбут хоту эрэгийиэннэргэ дохуот биллэ түспүт. Холобур, Ямал-Ненец уокуругар (13,9 %), Ненец уокуругар (11,3 %), Ханты-Мансига (17,2 %), Томскайга (6,2 %)... Холобур, хаан уруулуу, онто да суох быстар дьадаҥы олохтоох Туваҕа дохуоттара 69 % (!) түспүт. Быһата, эрэйдээхтэр иэдэйэн эрэллэр эбит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар