Киир

Киир

Ил Түмэн дьокутаата Мария Христофорова социальнай ситимнэригэр тыа дьонун өйүүргэ ыҥырда.

unnamed

Кини “Саҥа Дьыл аптаах-алыптаах түгэннэрэ салҕанан барыахтаахтар. Мин санаабар, бу бутуурдаах аныгы үйэҕэ түҥ былыргы үгэстэрин илдьэ кэлбит саха норуота, ордук тыа сиригэр олорор бар дьоммут хайаан да өйөбүллээх буолуохтаахтар. Мин өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлигэр Андрей Тарасенкоҕа уонна кини солбуйааччытыгар Михаил Никифоровка этиилээхпин. Тохсунньу 1 күнүттэн тыа сирин олохтоохторун өйүүргэ саҥа судаарыстыбаннай механизмнар олоххо киириэхтээхтэр. Ол механизм балаһыанньатыгар ыйыллыбытынан, биир төбө иһин субсидия 35 тыһ. солк. тэҥнэһиэхтээх, ону кинилэр хайаан да кумааҕыннан бигэргэтэн отчуоттуохтаахтар. Оччоҕуна эрэ ити көрүллэр харчыны ылар кыахтаналлар. Кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһааралларын дакаастыырга, өҥөнү оҥорооччуларга докумуонунан отчуоттаан бигэргэтиэхтээхтэр. Ол эрээри, кистэл буолбатах, биир үксүн тыа дьоно отторун-мастарын тиэйтэрэргэ, от үлэтигэр, үүтү тастарарга уонна да атын күннээҕи түбүктэрин бэйэлэрэ оҥороохтууллар, онон итини тэрилтэттэн ылан, хайдах да араас кибитээнсийэлэринэн, дуогабардарынан, аата-ахсаана биллибэт кумааҕыларынан бигэргэтэр кыахтара суох буолаахтыыр.

Ол иһин, ити субсидия хас биирдиилэригэр тиийэрин туһуттан, чахчы көмөнү билэллэрин инниттэн, хас биирдии төбөҕө “социальнай төлөбүр” диэн өйдөбүлү киллэриэххэ баара. Эбэтэр “сүөһү босуобуйата” диэн ааттаан, сүөһүлээх дьоммутун өйүөхпүтүн сөп. Итинник быһаарыыны балаһыанньаҕа бигэргэтэн ылыныллара буоллар, тыа дьонугар чахчы күүтүүлээх-кэтэһиилээх өйөбүлүнэн, бэлэҕинэн буолуох этэ.

Ил Дархаммыт Айсен Николаев бэйэтинэн тыа сирин саҥалыы өйүүргэ, аграрнай бэлиитикэни сайыннарар соруктары туруорар. Онон, тыа сирин уйгута улаатарыгар мин этиибин өйүүргүтүгэр ыҥырабын”, - диэн инстаграм сирэйигэр суруйбут.

Саханы саха дэппит хороҕор муостаахпытын, сыспай сиэллээхпитин тыа сирин дьоно, тыйыс усулуобуйаҕа икки хараҥаны холбоон, умса-төннө түһэн, сүөһү ахсааны аччаппакка, эспэккэ тутан кэллилэр. Бүтүн өрөспүүбүлүкэни аһатан олорор дьону сиэрдээхтик өйүүр, көмөлөһөр кэм тирээн кэллэ. Кырдьык, тыа сирин сүөһүлээх дьоно ити көрүллүөхтээх 35 тыһ. солк. отчуоттууллара кэккэ уустуктардаах буолара сэрэйиллэр. Онон ол-бу отчуота, бюрократията суох бэриллэрэ, онуоха судургу бэрээдэк олохтоноро ордук буолуо этэ. 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар