Киир

Киир

 «Селигдар» ПАУо 2021 сылга кыһыл көмүһү хостуурун улаатыннарар былааннаах. Ол иһигэр Саха сиригэр баар Самолазовскай көмүс баайдаах сиригэр.

Быйыл 7,4 туонна кыһыл көмүһү оҥорон таһаарар былааннаахтар, онуоха 9,4 мөл. туонна руданы хостуохтара. Былырыын "Селигдар" 7 туонна кыһыл көмүһү хостообут. Быйылгы былааннара биэс бырыһыанынан үрдүк. Ити былааннарын хампаанньа Бүрээтийэҕэ уонна Саха сиригэр баар сир баайдаах сирдэригэр үлэлээн ситиһэр соруктаахтар. "Селигдар" ПАУо Саха сиригэр, Алтаай кыраайыгар, Бүрээтийэҕэ, Оренбург уобалаһыгар уонна Хабаровскай кыраайыгар үлэлиир 13 тэрилтэлээх, 28 көмүс баайдаах сири туһанарга лиссиэнсийэлээх.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар