Киир

Киир

Саха сирин олохтоохторо социальнай хантараагынан 250 тыһыынчаҕа тиийэ суумалаах көмө харчыны ылыахтарын сөп. Докумуону E-YAKUTA порталынан эбэтэр олохтоох социальнай көмүскэл управлениетын электроннай аадырыһыгар ыытыахха сөп. Ол туһунан Үлэ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

“Социальнай хантараак көмүтүнэн үөрэниэххэ, бэйэ дьыалатын арыйыахха, үлэ миэстэтин булуохха, дьиэ кэргэн хаһаайыстыбатын тэриниэххэ, уустук балаһыанньаттан тахсыахха, олоҕу чэпчэтиниэххэ сөп”, -- диэн миниистир Елена Волкова быһаарар.

Холобур, бэйэ дьыалатын тэринэр дьон муҥутаан 250 тыһыынча, хаһаайыстыба тэринээччилэр – 100 000 солк. ылыахтарын сөп. Сиһилии социальнай харалта олохтоох управлениетыттан билсиҥ.