Киир

Киир

Ааспыт чэппиэргэ “дьиэ сыанатын туһунан матырыйаалла бэлэмнээ” диэн сорудахтанаммын, Дьокуускайга дьиэ-уот ырыынагын үөрэтэн көрдүм уонна улаханнык салынным. Матырыйаалбын оҥороору ону-маны ырытан-анааран, туһааннаах исписэлиистэри-үлэһиттэри кытта кэпсэтэн көрөн баран, били, абаҕа “тугун эрэ” холкуос ырыган тыһаҕаһа тарпат ыар таһаҕаһын туһунан өс хоһоонун санаан кэллим. Кими да сатаан албыннаабат-түөкүннээбэт, уорбат-халаабат боростуой дьон дьиэ сыанатын уйунара, чахчы, ыараабыт. Дьиэ, этэргэ дылы, “роскошь” буолбут. Биллэн турар, хас эмэ уонунан сыллаах хабалаҕа киирэн ыар таһаҕаһы сосуһан көрүөххэ сөп эрээри, “тиийбэт тирии, тарпат тараһа” олохтонон, кирэдьиит эрэ төлүүр туһугар үрүҥ хараҕы өрө көрбөккө хараҥаттан-хараҥаҕа диэри үлэлиир, олох үтүө кэмнэрин онно эрэ аныыр саныахха ыарахан.

Биһиэнэ биһиэнин курдук

дальневосточная ипотека

Иллэрээ сыллаахха диэри ипотеканан дьиэ атыылаһар дьон “баан бырыһыана аһара үрдүк, судаарыстыба тугу да көмөлөспөт” диэн суҥхарарбыт. Ол саҕана “Сбербаан”, “ВТБ”, “Газпром” курдук улахан бааннар ипотеканы сыллааҕыта 10-12 бырыһыаҥҥа биэрэллэрэ. Ол эрээри дьиэ сыаната арыый удамыр буолара. Холобур, куорат кытыытыгар саҥа кыбартыыраны 1 биир квадратнай миэтэрэтин 65-70 тыһыынчаттан саҕалаан атыылаһыахха сөбө. Оттон куорат кииниттэн чугас – 75-80 тыһ. Биллэн турар, кыра хамнастаах киһиэхэ ити даҕаны ыарахан курдук этэ эрээри, кыһалыннахха син атыылаһыахха, ол-бу “хапытаалынан”, “олорор усулуобуйаны тупсарар” бырагырааманан төлөһүөххэ сөбө.

Онтон былырыын “Уһук Илин ипотеката” киириэҕиттэн, 35-гэр диэри саастаах эдэр дьоҥҥо саҥа дьиэҕэ бэриллэр кирэдьиит сыллааҕыта 2 %-ҥа тиийэ түспүтэ. Аны, тыа сиригэр сааһыттан тутулуга суох бэриллэр 1 %-наах ипотека баар буолбута. Киһи эрэ барыта күлүгэр имнэммитэ баара да, онтубут, тиһэҕэр тиийэн, “биһиэнэ биһиэнин курдук” буолан тахсыбыта.

Кырдьыгын эттэххэ, судаарыстыба көмөлөспөт буолбатах. 1 %-наах тыа сирин, 2 %-наах “Уһук Илин” ипотекалара, иккиттэн элбэх оҕолоох эдэр ыалларга чэпчэтиилээх кирэдьиит (5-6 %), олорор дьиэни тупсарынар, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир ыччаты дьиэнэн-уотунан хааччыйар бырагыраамалар, о.д.а. Этэргэ дылы, ыл да үлэлээ-хамсаа, ай-тут, дьиэлэн-уоттан. “Онтон ордук туох нааданый?” диэххэ айыылаах.

Дьэ, ол гынан баран барыта санаа хоту буолуоҕун, бу биир сылы кыайбат кэм иһигэр кыбартыыра кыбадыраатынай миэтэрэтин сыаната 20-60 тыһыынчанан ыараата. Судургутук эттэххэ, 45 кв м иэннээх дьиэни былырыын сыл саҥатыгар өссө 3 600 000 солк. атыылаһыахха сөп буоллаҕына, билигин саамай чэпчээбитэ 4 500 000 солк. атыылаһыахха сөп. Ону даҕаны көрдөөн буллаххына уонна куорат кытыытыгар. Холобур, АГАТУ таһыгар турар, 2017 с. тутуу дьиэ ыстатыыстыкатын көрдүм. Онно 45 кв м иэннээх дьиэ былырыын от ыйыгар 3 900 000 солк. атыыламмыт буоллаҕына, быйыл ол дьиэҕэ эмиэ оччо иэннээх дьиэ 4 800 000 солк. барбыт. Сыана араастаһыыта ити.

Хас бырыһыан үрдээтэ?

Холобур, 2021 сыл бастакы ыйдарын түмүгүнэн, Саха сиригэр дьиэ-уот кыбадыраатынай миэтэрэтин сыаната, ортотунан, 106,5 тыһыынча солкуобай буолан турар. Ол эбэтэр, былырыыҥҥы сыанаттан 30 %-нан үрдээбит. Ити – официальнай чахчы этэринэн. Оттон ырыынак ис-иһигэр киирдэххэ, сыаната өссө ыарахан курдук. 140 тыһыынчаҕа тиийэ атыылыыллар.

Уопсайынан, сыана тоҕо-хайдах ыараабытын туһунан СӨ Тутууга миниистирэ Павел Кылатчанов бу курдук хоруйдаата.

31101946.489821.1610 1

– Биһиги кэтээн көрүүбүтүнэн, Саха сиригэр дьиэ биир кыбадыраатынай миэтэрэтин орто сыаната 106,5 тыһыынча солкуобай буолан турар. Ол эбэтэр былырыыҥҥыттан 30 %-нан үрдээтэ. Итиннэ хас даҕаны төрүөт дьайда диэххэ сөп. Бастатан туран, дьиэни өлүүлээн тутуу быраабылата уларыйан, тутааччылар дьиэни-уоту тутар харчыларын баантан, о.д.а. тэрилтэлэртэн кирэдьиит, иэс ылар буоллулар. Биллэн турар, онтуларын төннөрүөхтэрин наада. Сыана ол түмүгэр ыарыыр.

Итини таһынан, толору, бэлэм инфраструктуралаах түөлбэлэргэ сир учаастактара бүттүлэр, суохтар. Аны туран, хамсыгынан сибээстээн кыраныысса сабыллыбыта, үлэһит илии тиийбэт буолбута, солкуобай кууруһа мөлтөөбүтэ. Ол барыта сыана ыарыырыгар биллэрдик дьайда.

Үсүһүнэн, дьиэ-уот ырыынагар идэтийэн үлэлиир “посредниктар” диэн баар буоллулар. Кинилэр юридическай сирэй быһыытынан тутар хампаанньаттан элбэх дьиэни атыылаһан ылан баран, биирдиилээн дьоҥҥо сыананы ыаратан атыылыыллар. Ол түмүгэр нэһилиэнньэҕэ атыыланар сыана тутааччы бэйэтин сыанатыттан 20-25 % ыараата.

Мантан сайын өссө ыарыа

Төһө буоларын билбэппин эрээри, мантан сайын туох да саарбаҕа суох дьиэ сыаната өссө ыарыыр чинчилээх. Икки-үс тутар тэрилтэлээх дьоҥҥо тахсан “дьиэ сыаната үрдүө дуо?” диэн ыйыппыппын, тоҕо эрэ хоруйдууртан батыннылар. “Үрдүүрэ буолуо, ол эрээри дьону эрдэттэн куттуохпутун баҕарбаппыт” дэһэллэр. Арай биир дьоҕус тэрилтэ салайааччыта “салалтам, үлэни биэрээччим биллэҕинэ сөбүлүө суоҕа” диэн аатын эппэккэ маннык хоруйдаата.

– Туох да саарбаҕа суох мантан сайын уонна күһүн дьиэ сыаната биллэ үрдээри турар. Тоҕо диэтэххэ, тутуу матырыйаала барыта 20-чэ %-нан ыараата. Оттон арматура – 50 %. Холобур, былырыыҥҥа диэри 1 туонна арматураны 44 000 солк. атыылаһа олорбут буоллахпытына, быйыл онтубут 70-ча тыһыынча буолла.

Аны туран, кыраныысса сабыллан турар, арыллара чопчу биллибэт, чэпчэки сыаналаах омук дьоно кэлбэт буоланнар, үлэһит сыаната хас эмэ бүк үрдээтэ. Онон сыана кырата 20-30-ча % эбии үрдүөхтээх, – диир кини.

Ити туһунан Арктикатааҕы билим-чинчийэр киин учуонай сэкирэтээрэ Альберт Кардашевскай эмиэ этэр: “Саҥа дьиэ сыаната салгыы да үрдүүр чинчилээх. Тоҕо диэтэххэ, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагыраамата 2025 с. диэри үлэлиэхтээх. Аны туран, чэпчэтиилээх ипотека бырагыраамата 2022 с. диэри уһаата. Итини таһынан, чааһынай дьиэ тутуутугар эмиэ ипотека көрүллэр буолан, ол эйгэ сыаната эмиэ ыарыаҕа”.

Сыана бас-баттах барбытын туһунан, бэл, дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин билэр. Кини ааспыт нэдиэлэҕэ былаас кыһамньытын саҥа тутуллар дьиэ сыанатын үрдээһинэ барытын туора сотон кэбиспитин туһунан эппитэ.

Риэлтор туох диирий?

Туох да диэн сылыктаабыттарын иһин, дьиэ-сыаната дьиҥ-чахчы төһө буолан турарын билэр дьон – риэлтордар, судургутук эттэххэ, дьиэни-уоту, хамсаабат баайы атыылаан айахтарын ииттэр дьон буолаллар.

Петр Петров, “Этажи” хамсаабат баай ааҕыныс-тыбатын үлэһитэ:

– Уопсайынан, ипотека сыллааҕы бырыһыана кэлиҥҥи сылларга биллэрдик түстэ. Холобур, 2017-2018 сс. сыллааҕыта 12-13 % буоллаҕына, иллэрээ сыл 10 % буолбута, онтон “Уһук Илин ипотеката” киириэҕиттэн, саҥа дьиэҕэ 2 %-ҥа тиийэ түстэ. “Вторичка”, ортотунан, 7,6-8 % буолан турар. “Промсвязьбанк”, “Газпром”, “АТБ” бааннар киэннэрэ билигин да арыый үрдүк эрээри, манна биири өйдүөххэ наада. Бааннар хамнас аахсар килийиэннэргэ кирэдьиити арыый кыра бырыһыаҥҥа биэрэллэр.

Быйыл кыбартыыра сыаната былырыыҥҥыттан 15-20 бырыһыан үрдээтэ. Ол тутууга сыһыаннаах саҥа сокуон киириитин кытта сибээстээх.

– Кыбартыыра ханна турарыттан дьиэ сыаната тутулуктаах буолар. Холобур, куорат киин өттө уонна кытыыта диэн хантан саҕаланарый?

– Уустук боппуруос. Дьон араастаан быһаарар. Мин өйдөбүлбэр, куорат киинэ Гимеинтэн саҕалаан “Апельсиҥҥа” диэри тайаан сытар. Оттон кытыыта – Билибин уулуссата, ДСК, Сайсары, Аэропорт, ГРЭС, 17-с кыбаартал. Холобур, былырыын күһүн 17 кыбаарталга Якутская уулуссаҕа “Транстрой” дьиэтигэр 1 кв м сыаната 95 тыһ. саҕаланара. Билигин Билибин уул. “Илгэ” комплекска 1 кв м сыаната эмиэ 95 тыһ. саҕаланар (“черновой”). Куорат киинигэр, Каландаришвили уул. тутулла турар дьиэҕэ, “Якутпромтсрой” 1 кв м 120 тыһ. атыылыыр. Уопсайынан, куорат үрдүнэн тутааччыттан бэйэтиттэн ылар буоллахха, дьиэ сыаната, 95-120 тыһ. буолар

Итини сэргэ “перекупщиктар” диэн бааллар. Судургутук этэххэ, юридическай сирэйдэр саҥа дьиэҕэ элбэх кыбартыыраны арыый чэпчэки сыанаҕа атыылаһан ылан баран, ону дьоҥҥо 1 кв м 120-150 тыһ. солк. тиийэ үрдэтэн атыылыыллар.

– “Вторичка” сыаната хайдаҕый?

– 2019 с. саҥатыгар 1 кв м сыаната саҥаҕа да, “вторичкаҕа” да тэҥ сыһа этэ – 75-80 тыһ. Холобур, Студгородок эҥээр 1 хостоох КПД-ны 3,1-3,2 мөл. ылыахха сөбө. Билигин ол түөлбэҕэ 1 кв м сыаната кыарата 100 тыһ. буолан турар. Онон 1 хостоох КПД 3,5 мөл. солк. түспэт.

– Атыыга барар дуо?

– Барар. Тоҕо диэтэххэ, элбэх киһи “Уһун Илин ипотекатыгар” сааһынан кыайан хапсыбат, ыларга күһэллэллэр. Онон билигин “вторичка” (КПД, “хрущевка”, индивид. план.) 100 тыһ. буолан турар диэххэ сөп. Үчүгэй өрөмүөннээҕэ – 110-120 тыһ.

– Кимнээх атыылыылларый-атыылаһалларый?

– Дьиэни үксүгэр көһөн барааччы саастаах уонна кэҥэттэр саас ортолоох дьон атыылыыллар. Дьон омугуттан тутулуга суох көһөн барар. Төрүөттэрэ үксүгэр майгыннаһар – оҕолорун батыһан, арыый сымнаҕас килиимэккэ наадыйан. Саха сириттэн, сүрүннээн, Краснодар кыраайыгар, Москубаҕа уонна Санкт-Петербурга көһөллөр.

Орто саастаахтар (30-40 саас) урут биир-икки хостооҕу ылан баран, кэлин оҕолонон-урууланан кэҥэттэллэр. Кинилэр оннуларыгар ол кыбартыыраны үксүгэр эмиэ эдэрдэр атыылаһаллар.

Аҕыйах тылынан

Суруйууну аҕыйах тылынан түмүктээтэххэ маннык. Дьиэ сыаната өтөрүнэн (кэлэр биир-икки сыл иһигэр) түһэр былаана да, кэскилэ да суох. Маннык тэтиминэн бардаҕына, эһиил 1 кв м сыаната кыччаабыта 120-130 тыһ. солк. буолууһу. Онон “сайын-күһүн эбэтэр эһиил атыылаһыам” диэн саарыы сылдьар дьон “сүгэ түһэрин” күүппэтэххит ордук. Оттон атыылааччылар өссө биир-икки сыл кэтэһэн, барыстарын хас эмэ бүк үрдэтиэхтэрин сөп. Чэ, бэйэҕит бастааҥ-атахтааҥ. Истибиппин эһиэхэ тиэртим.

Альберт Капрынов.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар