Арассыыйаҕа саҥа экологическэй хомуйууттан сылтаан, үүт сыаната эмискэ 10-15% үрдүүр чинчилээх. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн дойду бырабыыталыстыбата үүтү астааччылартан оҥоһук хаҕын булгуччу суох оҥорору ирдиэхтэрэ, оттон ону толорботохтор экологическэй хомуйууну икки бүк төлүүр буолуохтара.
“Өскөтүн ити эбии хомуур болдьоҕун суһаллык көһөрбөтөхтөрүнэ, табаар сыаната үрдүүрүгэр тиэрдиэ. Сыыппара маркировкатын кытары экологическэй хомуур ирдэнэр буолуоҕуттан, үүт ас сыаната10-15% үрдүөҕэ”, — диэн “Известия” хаһыат Москубатааҕы ТПП АПКка урбааны сайыннарыытын кэмитиэтин салайааччытын солбуйааччы Марина Петрова кэпсээбит.
Арассыыйатааҕы бырамыысалынньыктар уонна урбаанньыттар сойуустара (РСПП) Михаил Мишустиҥҥа киирээри турар уларытыылары хос көрөллөрүгэр көрдөһөн сурук ыыппыт. Онно билиҥҥи ыстаапкаҕа 2022 сылтан экологическэй хомуур эбилиннэҕинэ, бородууксуйа бэйэҕэ турар сыаната 1,4% үрдүөҕэ, инньэ гынан, биир лиитирэ үүт 3,5% тэҥнэһиэхтээх. Онуоха вице-премьер Виктория Абрамченко үүт хаҕын утилизациятын дойду олохтоохторо төлүүллэрин санаппыт.