"Гросс" диэн кыһыл көмүһү хостуур тэрилтэ Өлүөхүмэ улууһун кытары ыкса бииргэ үлэлэһэргэ сөбүлэҥи түһэрсибит. Ол сиэринэн, тэрилтэ улуус сайдыытыгар быйыл 9 мөл. солк. тахса харчыны биэриэҕэ. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Ити көмө харчыны улууска уонна Өлүөхүмэ куоратыгар социальнай суолталаах эбийиэктэри тутууга уонна өрөмүөннүүргэ, болуоссаттары уонна уулуссалары тупсаҕай гына оҥорууга, суолу-ииһи уонна олорор дьиэлэри өрөмүөннүүргэ итиэннэ култууранай тэрээһиннэри ыытыыга уонна да атын сыалга туһаныахтара. Маны таһынан, ити харчыттан улуус устудьуоннарын үөрэтиигэ ыытыахтара. Сөбүлэҥ чэрчитинэн улуус олохтоохторун көмүс хостуур тэрилтэлэргэ хайаан да үлэҕэ ыларга квота көрүллүбүт. Маны таһынан, Тээнэ нэһилиэгин сайдыытыгар үбү угар буолуохтара. "Тээнэ" кээпэрэтиип 4 ыстаадатыгар (39 киһи) бородууктаны уонна уматыгы ылан биэриэхтэрэ. Ону "Гросс" бэйэтэ бөртөлүөтүнэн илдьэн биэриэҕэ. 2013-2020 сс. тэрилтэ улууска 42,2 мөл. биэрбит.