“РИА Новости” ааҕыныстыба Арассыыйаҕа ипотека бырыһыана түспүтүн туһунан суруйар. Ол курдук, ый анараа өттүгэр ипотека кирэдьиитин сыллааҕы бырыһыана 11 эбит буоллаҕына, билигин дойду 37 эрэгийиэнигэр инньэ 7 % буолбут.
Ол курдук, саамай чэпчэки бырыһыаннаах ипотекалар маннык эрэгийиэннэргэ бааллар:
- Магадаан уобалаһа – 5,79 %;
- Сахалин уобалаһа – 6,05 %;
- Саха сирэ – 6,19 %;
- Приморье кыраайа – 6,2 %.
Оттон саамай “сыаналаах” ипотека Ингушетияҕа баара быһаарыллыбыт. Онно кирэдьиит сыллааҕы бырыһыана 8,55 %-ҥа тэҥнэһэн турар. Ити кэннэ Чечня, Тыва уонна Севостополь кэлэллэр.
Санаттахха, Саха сиригэр 2021 сыллаахха “дьиэ кыбадыраатын” орто сыаната 106,5 тыһыынча солкуобай буолбута. Ол эбэтэр, былырыын баччатааҕыттан 30 %-нан ыараабыта.