Реклама Кыым 300-250 (МОБ)

Арассыыйа Баана уонна Росстат дойду олохтоохторо бааннарга төһө иэскэ ыйанан олороллорун ааҕан суоттаабыт уонна эрэгийиэннэринэн эриэйтини таһаарбыт. Бу туһунан РИА Новости суруйар.

Ол курдук, Ямал-Ненец автономиялаах уокуругун үлэлиир саастаах олохтооҕо бааҥҥа ортотунан 609,8 тыһ. солк. биэрэрдээх эбит. Ханты Мансийскай уокурук олохтооҕо — 555,8 тыһ. солк., оттон Саха сирин олохтооҕо — 479,3 тыһ. солк. Биһиги кэннибититтэн Ненец автономиялаах уокуругун олохтоохторо иһэллэр — 448,1 тыһ. Москуба уобалаһын олохтоохторо — 434,5 тыһ. Оттон бааннарга саамай кыра исэтээхтэр — Ингушетия олохтоохторо — 34,5 тыһ. солк.

Бүтэһик сонуннар