Киир

Киир

30,7 мөл. биэнсийэни каартанан ылар дойду олохтоохторо биир кэмнээх 10 тыһ. солк. төлөбүрү аныгыскы нэдиэлэ бүтүүтгэр ылыахтара. Өссө 12,7 мөл. биэнсийэлээх балаҕан ыйын 3 күнүттэн ылыаҕа. Бу туһунан бэҕэһээ дойду һлэҕэ уонна социальнай харалтаҕа миниистирэ Антон Котяков иһитиннэрдэ.

"Баан каартатыгар биэнсийэлэр түһэр дьоҥҥо 10 тыһ. төлөбүрдэрэ аныгыскы нэдиэлэ бүтүүтэ түһүөҕэ. Оттон дьиэлэригэр уонна почта нөҥүө ылааччылар биэнсийэлэрин кытары балаҕан ыйын 3 күнүттэн тутан барыахтара", - диэн Котяков "Биир ньыгыл" мунньаҕар эппит. Маныаха биэнсийэлээхтэр ханнык да кумааҕыны, сайабылыанньаны толорботтор, ол-бу ыспыраапканы эҥин биэрбэттэр, ПФРга туох баар туһааннаах дааннай барыта бэлэм.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар