Киир

Киир

Арассыыйа Биэнсийэ Пуондатын Саха сиринээҕи салаатын салайааччы Георгий Степанов 2022 сылга биэнсийэ төһө үрдүүрүн быһаарда.

-- Арассыыйа Төрүт Сокуонугар олоҕуран,  индексация хайаан да ыытыллыахтаах диэн. Инньэ гынан, эһиил тохсунньу 1 күнүттэн страховой биэнсийэ 5,9%, муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ — 7,7%,олунньу 1 күнүттэн ыйдааҕы төлөбүр 5,8% индексацияланыаҕа. Дьиҥэ, үлэлиир биэнсийэлээхтэргэ биэнсийэ сырыы аайы индексацияланар, оттон ити индексацияламмыт суума биэнсийэлээх үлэтиттэн уурайбытын кэннэ, кэлэр ыйтан ааҕыллан барар. Биһиги үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрэ үрдүүрүгэр элбэх үлэни ыыттыбыт. Кинилэр атын дохуоттара суох буоллаҕа дии. Инньэ гыфнан, саастарынан страховой биэнсийэни ылааччыларга биэнсийэ орто кээмэйэ алтынньы 1 күнүттэн 22 тыһ. 628 солк., оттон үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ 24,3 тыһ. солк. буолла.

Саха сиригэр 273 тыһ. тахса киһи биэнсийэни ылар. Олортон 14 тыһ. тахса 80 саастарын ааспыттар, оттон 17 киһи 100 сааһын ааспыт. 

 

Бүтэһик сонуннар