Киир

Киир

СӨ үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, Саха сирин бырабыыталыстыбата РФ бэрэсидьиэнин "ыам ыйынааҕы" ыйааҕар киирбэтэх бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын, инфляция кээмэйигэр олоҕуран, 3,6% үрдэтэргэ быһаарбыт. 

Ол түмүгэр 35 тыһ. тахса бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастара үрдүөхтээх.  Балар истэригэр ветеринардар, агрономнар, зоотехниктар, ойуур үлэһиттэрэ, баһаарынайдар, бухгалтердар, экономистар, инженердар, суоппардар, машинистар, повардар уонна да атын анал идэлээх исписэлиистэр уонна илии үлэһиттэрэ хапсыахтара. 

Маны таһынан, Ил Дархан Айсен Николаев сылы түмүктүүр анал этиитин толоруу чэрчитинэн, бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын 2022 сыл алтынньы 1 күнүттэн  6,4% үрдэтэр туһунан эбии быһаарыы ылынарга бэлэмнэнэр үлэ саҕаланыахтаах.

Бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһын үрдэтии ити курдук, хас да түһүмэҕинэн ыытыллан, 2022 сылга 10 %-ҥа тиэрдиллиэхтээх. 

Санатан этэр буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бүддьүөтүттэн кэлэр хамнас алын кээмэйэ (МРОТ), оройуон коэффициенын уонна хотугу надбавканы учуоттаан, 2022 сыл тохсунньу 1 күнүттэн 8,6% үрдээбитэ. Ол эбэтэр 1,7 коэффициеннаах оройуоннарга - 34 725 солк., 2,0 коэффициеннаах оройуоннарга - 38 892 солк. тэҥнэспит.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар