Киир

Киир

Тас дойду хампаанньалара, арҕааттан кэлэр санкциялартан сылтаан, Арассыыйаҕа бэйэлэрин үлэлэрин, биһиги дойдубут сиригэр-уотугар бородууксуйаларын атыытын тохтотоллор.
Араас хайысхалаах тэрилтэлэр, ол быыһыгар авиация, оонньуу, бырамыысаланнас эйгэтин хампаанньалара Арассыыйаҕа экспорт олохтообот буоллулар.

ТАСС ханнык тас дойду хампаанньалара Арассыыйаны кытта үлэлэрин тохтоппуттарын туһунан информацияны муспут.

Авиационнай тиэхиникэ уонна массыыналар

  • Boeing, Airbus и Embraer авиа-производителлэр саппаас чаастарын Арассыыйа авиахампаанньаларыгар ыыталларын, атын өҥөнү оҥорууларын уонна тэхиниичэскэй өйөбүлү оҥорууну тохтоппуттар. Сколково баар Boeing үөрэх киинэ үлэтин эмиэ тохтоппут.
  • Mercedes-Benz, BMW, Volvo, MAN массыына фирмалара биллибэт болдьоххо диэри эскпорт оҥорбот буолбуттар уонна Арассыыйаҕа производстволарын «тоҥорбуттар». Маны таһынан, бэйэтин үлэтин Ford корпорация тохтоппут.
  • Suzuki, Honda, Mazda онуоха-маныаха диэри массыыналарын уонна матаһыыкылларын биһиги дойдубутугар аҕалбат буолбуттар. General Motors и Scania эмиэ массыыналарын манна аҕалыыларын тохтоппуттар, оттон Nissan Pathfinder кроссоверын экспортуурун боппут.
  • «Фольксваген Груп Рус» биллибэт болдьоххо диэри массыыналарын отгрузкатын «тоҥорбут». Оттон Volkswagen Group Арассыыйа сиригэр-уотугар массыына оҥоруутун ураты дьаһал ылыллыар диэри үлэтин тохтоппут.
  • Toyota Санкт-Петербург куоракка кулун тутар 4 күнүттэн кэмпилиэктэри аҕалыы сүгүн-саҕын оҥоһуллубатаҕын иһин, производствотын үлэтин тохтоппут. Оттон Hyundai уонна Renault Санкт-Петербурга, Москубаҕа баар собуоттарын үлэтэ эмиэ маннык хааччахха киирбит.
  • Škoda маннааҕы производствотыгар оҥорууга кэмпилиэктэрэ тиийбэтин иһин, Арассыыйаҕа бэйэтин үлэтин тохтотор.
  • Daimler Truck биһиги «Камаз»-пытын кытта дуогабардаах үлэтин «тоҥорбут» — хампаанньа DK RUS диэн холбоһон тэриллибит тэрилтэлэрин иһинэн грузовиктары оҥорбот буолбуттар уонна тас дойдуттан кэлиэхтээх оҥорууга туттуллар кэмпилиэктэр кэлиилэрэ бобуллубут.
  • Porsche Арассыыйаҕа массыыналарын аҕалыыны тохтотуу туһунан быһаарыыны ылыммыт.

Электроника уонна бырамыысаланнас

  • Apple экспордун, онлайн-атыытын тохтоппут уонна сиэрбистэрин үлэтин хааччахтаабыт.
  • Dell диэн электрониканы оҥорон таһаарааччы хампаанньа биллибэт болдьоххо диэри бэйэтин бородууксуйатын атыытын тохтотто.
  • SAP бырагырааманан хааччыйар немецкэй оҥорон таһаарааччы тэрилтэ Арассыыйаҕа үлэлиирэ «тоҥорулунна», маны таһынан, бары өҥөнү оҥоруутун уонна хампаанньатын атыытын тохтотто.
  • Oracle диэн Аан дойду үрдүнэн бырагырааманан хааччахтааһыны оҥорор тэрилтэ дойдубутугар ыытар эпэрээссийэлэрин ыыппат буолла.
  • Ericsson диэн телекоммуникационнай тэриллэри оҥорор тэрилтэ биллибэт болдьоххо диэри табаардарын Арассыыйа Федерациятыгар аҕалыытын тохтотто.
  • TSMC диэн аан дойдуга биллэр улахан, полупроводниктары оҥорон таһаарааччы тэрилтэ бородууксуйалара дойдубутугар кэлбэт буолбуттар. Ол эрээри, Арассыыйаҕа оҥоһуллубут «Эльбрус» мааркалар салгыы оҥоһуллуохтаахтар.
  • Арассыыйа атыылаһааччылара биллибэт болдьоххо диэри SKF диэн подшипниктары оҥорор сүүнэ тэрилтэ табаардарын ылбат буоллулар.
  • Мюнхеҥҥэ баар Siemens диэн поездтары тутар, собуоттарга эгэлгэ өҥөлөрү оҥорор уонна бырагыраамалары туруортуур бөлөх эмиэ Арассыыйаҕа ыытар эпэрээссийэтин уонна өҥөнү оҥоруутун тохтоппут. Ол эрээри, аны туран, Арассыыйа Федерациятыгар өҥөнү оҥоруутун уонна өрөмүөнү ыытыытын оҥорорун тохтоппокко сылдьар эбит.
  • KONE лииптэри оҥорон таһаарар тэрилтэ биллибэт болдьоххо диэри Арассыыйаҕа бородууксуйаларын аҕалыытын боппут. Ол эрээри, хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ эппиттэринэн, дойдубут ырыынагар халыахтаахтар эбит.
  • Autodesk (AutoCAD, 3ds MAX) диэн тутууга уонна массыынаны оҥорууга бырагырааманы оҥорооччу сүүнэ тэрилтэ эмиэ дойдубутугар үлэтин тохтоппут.
  • Америка Intel хампаанньата бородууксуйаларын Арассыыйаҕа аҕалыытын тохтоппут.
  • Bloomberg источникка сигэнэн туран, Samsung хампаанньа бородууксуйатын эмиэ Арассыыйаҕа аҕаларын боппут. Ол эрээри, Yonhap эгиэнистибэ хампаанньаҕа сигэнэн туран эппитинэн, тастан аҕалыы логистическай ыараханнары көрсүбүттэрин иһин эрэ табаары аҕалыы тохтотуллубут эбит.
  • Komatsu диэн дьоппуоннар тутуу тиэхиникэтин уонна тэриллэрин сүүнэ оҥорон таһаарааччы хампаанньалара, Арассыыйа Федерациятыгар бородууксуйаларын ыыппаттарын туһунан быһаарыныыны ылыммыттар.

Оонньуулар, көр-нар, таҥас-сап уонна миэбэл

  • The Walt Disney Company, Warner Bros уонна Paramount Pictures киинэлэрин, муулчуктарын биһиги дойдубутугар көрдөрөллөрүн боппуттар.
  • Karl Lagerfeld диэн таҥас фирмата Арассыыйаҕа табаарын ыыппат буолбут уонна онлайн ньыманан сакаас оҥоруутун тохтоппут.
  • H&M хампаанньа Арассыыйаҕа атыы-эргиэн үлэтин тохтоппут.
  • ASOS диэн таҥас-сап уонна аксессуар ретейлерэ табаары манна аҕалыытын «тоҥорбут» уонна кинилэр саайтарыттан сакаас оҥоһуллубат буолбут.
  • Успуорт табаардарын аҕалааччы Nike уонна Mango ретейлерэ биллибэт болдьоххо диэри Арассыыйаҕа үлэтин тохтоппут.
  • БАД-тары, битэмииннэри уонна аһы-үөлү атыылыыр iHerb хампаанньа оҥоһуллубут эрэ сакаастары аҕалтыаҕа, оттон саҥа сакаастары ыларын тохтоппут.
  • Lego оонньуурдары оҥорор хампаанньа Арассыыйабыт маҕаһыыннарыгар бородууксуйатын ыыппат буолбут.
  • Diageo диэн аан дойду үрдүнэн аатырбыт арыгыны оҥорон таһаарааччы хампаанньа табаарын биһиги дойдубутугар аҕаларын эмиэ тохтоппут. Бу хампаанньа Guinness, Baileys уо.д.а. биллэр утахтардаах эбит.
  • Megogo медиасервис арассыыйаҕа үлэтин тохтоппут.
  • IKEA диэн миэбэли оҥорон таһаарар концерн Арсссыыйаны кытта сибээһин быспыт, ол курдук, биһиги дойдубутугар экспорт уонна импорт оҥоруутун боппут.
  • JYSK диэн Дания миэбэл оҥорор сүүнэ хампаанньата Арассыыйаны кытта үлэтин тохтоппут.
  • Activision Blizzard диэн оонньуулары оҥортуур хампаанньа бородууксуйаларын Арассыыйаҕа атыылаабат буолбут.
  • Heineken хампаанньа пиибэни аҕалыытын уонна инвестиционнай бырайыактарын үлэтин Арассыыйа сиригэр-уотугар тохтоппут.
  • Cartier диэн ювелирнай хампаанньа Арассыыйаҕа эрэ буолбакка Украина сиригэр-уотугар кэмиэрчэйскэй үлэтин тохтоппут.
  • EBay диэн онлайн-атыынан дьарыктанар АХШ хампаанньата Арассыыйа олохтоохторуттан сакаастары ылбат буолбут.
  • PayPal диэн электроннай төлөбүр систиэмэтэ бу ааспыт субуотаҕа Арассыыйа сиригэр-уотугар үлэтин тохтоппутун туһунан иһитиннэрии баар.

Логистика

  • Kuehne+Nage диэн тырааныспар логистикатын хампаанньата Арассыыйаҕа фармацевтика уонна гуманитарнай көмө бэрэдимиэттэриттэн ураты, табаардарын атыытын тохтоппут.
  • Maersk хампаанньа кылгас кэмҥэ үлэтин биһиги дойдубутугар тохтоппут.
  • DHL, CMA CGM, Fedex уонна UPS арассыыйаҕа гурууһу уонна докумуоннары ыытыыны боппут.
  • Stora Enso диэн упаковочнай быһаарыылары уонна биоматырыйааллары аҕалаачччы тэрилтэлэр эмиэ биһиги дойдубутугар үлэлэрин тохтоппуттар.

Үөрэҕирии

  • Pearson Британия үөрэҕирии корпорацията Арассыыйа уонна Белоруссия дойдуларыгар бородууксуйатын уонна өҥөтүн атыытын боппут.
  • Coursera диэн Америкатааҕы үөрэҕирии платформата кылгас кэмҥэ бэйэтин үлэтин-хамнаһын Арассыыйа иһигэр тохтотор.