Киир

Киир

Аан дойдутааҕы баан бэрэсидьиэнэ Дэвид Мэлпасс Арассыыйаны утары биллэриллибит сааҥсыйалар аан дойду экэниэмикэтигэр дьайыыларын сыаналаата.

 

Кини санаатыгар, Арассыыйаны утары ылыллыбыт сааҥсыйалар аан дойду ВВПтыгар дьайыылара чопчу Украина сэриитинээҕэр быдан улахан. Ол эрээри тиһэҕэр тиийэн ол дьайыыта РФга быдан ньүөлүтүүлээх буолуо, кини сэриилэрэ Украинаҕа баалларын тухары, Аан дойдутааҕы баантан туох да көмөнү ылыа суоҕа үһү.

Кулун тутар 15 күнүгэр АХШ Үрүҥ Дьиэтин пресс-сэкирэтээрэ Джен Псаки “АХШ сааҥсыйалара Арассыыйа экэниэмикэтин үлтү урусхаллаатылар. Биһиги көмөбүт түмүгэр, Украина, арассыыйалар суоттаммыттарын курдук, түргэнник бэриммэккэ утарылаһар кыахтанна. Арассыыйаны утары сааҥсыйаларга кыттыспат буоллаҕына, Кытайы эмиэ элбэх уустуктар күүтэллэр” диэн үөрэр-көтөр.

АХШ бэрэсидьиэнэ Джо Байден “Арассыыйаны утары биллэриллибит сааҥсыйалар биһиэхэ эмиэ бэрдэ суохтук дьайыахтара эрээри, Путин эргимтэтэ оннооҕор быдан алдьатыылаах охсууну ылыаҕа” диир. Чахчы, бу күннэргэ АХШка олус улахан, кэнники 40 сылга буолбатах инфляция бара турар.

Кытай Госсэбиэтин премьерэ Ли Кэцян “сааҥсыйалар аан дойду экэниэмикэтигэр барытыгар охсуохтара, онтон ким да сүүйүүлээх хаалыа суоҕа” диир.

Билигин Госдума сааҥсыйалары утары миэрэлэр үһүс түһүмэхтэрин бэлэмнии сылдьар. Хайыы үйэ 13 сокуону ылыммыттар. Бу сокуоннарга дойдуга тутуу, тырааныспар, көстүүнэй уонна туризм биисинэһин, IT хампаанньалар өйөбүллэрин, эминэн-томунан хааччыллыы, уурунуу харчыны чөл хаалларыы туһунан этиллэр.