INTERFAX.RU суруйарынан, Арассыыйа Федерациятын салалтата биһиэхэ эйэтэ суох сыһыаннаах дойдуларга гааһы солкуобайга атыылыырын туһунан быһаарыныыны ылынна. Бу туһунан Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бырабыыталыстыба мунньаҕар эттэ.
Кини Арассыыйа Киин бааныгар нэдиэлэ иһигэр гааһы атыылаһааччыларга солкуобайынан төлөбүр олохтонорун туһугар, эпэрээссийэ бэрээдэгин дьаһана охсоллоругар дьаһайда.
Хантараакка ыйыллыбытынан, уларыйбыт сыананан тас дойдуларга гааһы ыытыыны тохтотуохпут суоҕа диэн В.В. Путин эбэн эттэ. Ол эбэтэр, төлөбүр валютата эрэ уларыйар.
«Атын кэллиэгэлэрбитигэр холоотоххо, биһиги партнердарбытын уонна бородууксуйаны аҕалан биэрээччилэрбитин кытта дьыалабыай репутациябытын харыстыыбыт. Уларыйыылар, Арассыыйа солкуобайыгар көһөн биэриигэ, төлөбүрү оҥорууга эрэ сыһыаннаах буолуохтара»,- диэн бэрэсидьиэн этэр.
«Газпром» билиҥҥи хантараактарга уларытыылары киллэрэригэр тустаах дьаһаллары ыларын курдук бырабыыталыстыбаны дьаһайыгар көрдөһөбүн. Маныаха, тас дойду атыылаһааччыларыгар төлүүр ньымалара, Арассыыйа солкуобайын ис ырыынакпытыттан хайдах ылыылара барыта өйдөнөр, ырылхай буоларын курдук тустаах эпэрээссийэни оҥороллоругар чопчу кыах баар буолуохтаах. Арассыыйа Баанын бырабыыталыстыбаны кытта нэдиэлэ иһигэр эпэрээссиийэлэри оҥоруу бэрээдэгин быһаара охсоргутугар көрдөһөбүн», - диэн бэрэсидьиэн дьаһайар.