Киир

Киир

Индияҕа Арассыыйаттан импорт бу сыл олунньу ыйтан ыам ыйыгар диэри, былырыыҥҥыга холоотоххо, 3,5 төгүл үрдээбит. Харчы эргиниитэ 8,6 млрд доллар буолбут. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.

Арассыыйа табаардарын импорда үрдээбитин төрүөтүнэн ньиэби атыылаһыы таһыма үрдээбитэ буолар. Арассыыйа Украинаҕа анал байыаннай эпэрээссийэ саҕалаабытын кэнниттэн, Индияҕа Арассыыйаттан импорт муҥутуур элбэх көрдөрүүтэ муус устарга уонна ыам ыйыгар буолбут. Бу кэмҥэ 5 млрд доллар буолбут.

Индия, ньиэби атыылаһыытын таһынан, Арассыыйаттан энергетическэй чоҕу, араас уоҕурдуулары уонна мас арыытын аҕаларын элбэппит. Табаар эргийиитин маннык үрдүк таһыма Индия уонна Арассыыйа атыы-эргиэнэ тупсубутун мэктиэлиир. Бу 2021 сыллаахха 12 млрд доллар буолбут, муус устарга уонна ыам ыйыгар Индия, аны туран, бэйэтин табаарын Арассыыйаҕа аҕалыытын импорт үрдээбитин түмүгэр кыччаппыта. Бэс ыйыгар ньиэби, чоҕу уонна кыһыл көмүһү атыылаһыы үрдээбитин түмүгэр, Индия атыы-эргиэнин балансын дэписиитин сыаната 4,8 млрд доллар буолбута. Былырыын бу көрдөрүү баара-суоҕа 900 мөл. доллар этэ.   

Минторг мэктиэлииринэн, Арҕааҥҥы дойдуларга кыһаммакка, Индия Арассыыйаттан атыылаһыытын үрдэппитэ. Индия бырабыыталыстыбатыгар эппиттэринэн, Москваҕа туһаайыллыбыт арҕааҥҥы сааҥсыйалар Нью-Делига Арассыыйа экспортердарын кытта быһаа сибээһи олохтуурга тирэх буолбута. Бу - Индия экономикаҕа сыһыаннаах интэриэһигэр эппиэттэһэр этэ.  

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар