Саха сиригэр ас сыаната үрдүгэ уонна үрдээн иһэрэ чинчийиитэ да суох биллэр чахчы эрээри, Арассыыйа сыананы үөрэтэр аналитиктарын түмүктэрин болҕойор ирдэнэр.
«Борщ ииндэкиһэ» диэн саамай судургутук астанар бүлүүдэ – борщ астанар састаабын сыанатынан Арассыыйаҕа сыананы тэҥнээн көрөр бырайыак. Бары билэргит курдук, борщ састаабыгар, эт, хортуоска, хаппыыста, сүбүөкүлэ, моркуоп, эриэппэ луук, чеснок, сүөгэй, килиэп киирэллэр. Манна 900 тыһыынчаттан тахса нэһилиэнньэлээх эрэ пууннар кытталлар. Сыананы үөрэтии бородуукта атыылыыр дьиэ аттынааҕы улахан маҕаһыыннарга (маркеттарга) турар сыананан ый ахсын ыытыллар.
Бу ыйга чинчийээччилэр борщ этин куурусса этигэр уларытан биэрбиттэр. Ол түмүгүнэн Дьокуускай куорат алтыс миэстэҕэ тахсыбыт. Ол эбэтэр, борщ астанар састаабын сыаната биһиэхэ 220 cолк. Саамай чэпчэки сыаналаах борщу Москуба (111 солк.) уонна Волгоград (110 солк.) олохтоохторо иһэллэр эбит. Саамай ыарахан сыаналаах борщ Анадырьга баар (404 солк.)
Өскөтүн Дьокуускайга борщ сыаната итиннээҕэр ыарахан диир буоллаххытына, https://индекс-борща.рф/ саайка киирэн анкета толорон, бэйэ ииндэкиһин оҥорон ыытыаххытын сөп.