Олох диэн тыынар тыыннаах кутун-сүрүн күн уотун сардаҥатынан салгыны эти-сиини кытта сайан-таҥан сэниэ иитэн, өйүн-санаатын, билиитин-көрүүтүн, тылын-өһүн, дьоҕурун-сатабылын, хаанын-сиинин ууһатар-тэнитэр тутул буолуо дии саныыбын.
Ууһуур-тэнийэр эйгэбит аймах-билэ дьоммутуттан саҕалаан, араас тутулга үөскээбит туспа дьону кытта билсэн-көрсөн, кэпсэтэн-ипсэтэн, атас-доҕор, эр-ойох буолан үлэлээн-хамнаан олоҕу көҕүлүүбүт. Үөрэхтэн, түбүктэн саҕалаан, олохпут соруга үлэҕэ кубулуйар, үлэ ситиһиитэ - эйэ дэмнээх сыһыантан, үлэ түмүгэ – эйгэ билиниититтэн. Киһи билиниллибит олоҕун түмүгүттэн астынара, дуоһуйара, үөрэрэ-көтөрө Дьол диэн ааттанара буолуо диэн сабаҕалыыбын. Михаил Ефимович бииргэ үлэлиир, бииргэ сынньанар дьонун талар сүдү дьоҕурун билигин да сөҕө саныыбын. Кини тэрийбит эйгэтигэр киирэн дьону кытта тэҥҥэ сылдьар туспа турук.
Эдьигээҥҥэ күндүөбкэ күрэһин тэрийэн бүтэн баран, биир күн Уоттаахха кэлэн бэйэбит илим үтэн көрүөххэ диэн сэттэ буолан кэллибит. Сэтинньи ый. Сырдык, ыраас баҕайы халлааннаах күн буолбут. Сарсыардаттан ойбон алларан, илим үтүмэхтээн түһэрэн бүтэн күнүс икки чаас саҕана остуолга олордубут. Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов астаабыт аһылыга, үлэлээн, аччыктаан кэлбит дьоҥҥо, бэйэтэ туспа үөрүү.
Эдьигээн баһылыга Николай Николаевич Никаноров эдэр эрдэҕиттэн тыа хаһаайыстыбатыгар Михаил Ефимовичтыын бииргэ үлэлээбит, миниистирин кытта элбэхтик улуустарга командировкаҕа сылдьан араас сорудаҕы толорбутун кэпсээн сороҕор сонньутар, сороҕор дьиктиргэтэр, сороҕор күллэрэр буолааччы. Биир кыһын ахсынньы 30 күнүгэр чурапчылар отторо бүтэн, миниистирдэрэ тиийэн атын улуустан от аҕалтаран «быыһаабыт». Аны оту быһааран баран, Никаноровы үүт ыама үрдүүрүн быһааттара биир ыйга, дьиэтигэр саҥа дьыллаппакка, Чурапчыга хаалларбыт. Никаноров тохсунньу ыйга үүт ыамын хайдах үрдэтэ сатаан ыанньыксыттары кытта ый-хай кэпсэппитэ туспа көрдөөх остуоруйа...
Уоттаахха Михаил Ефимовичка анаан-минээн тутуллубут дьиэ-уот Николай Николаевич үлэтэ. Петров Николай Иванович Эдьигээн төрүт олохтооҕо, Никаноровка солбуйааччы, бултуур-балыктыыр ньыманы иһиттэн баһылаабыт үлэһит. Николай Иванович кими эрэ кытта бочооттоспутун, этиспитин син балай эмэ өр кэмҥэ Эдьигээннэртэн кимтэн да истибэтэҕим, куруук эйэ дэмнээх сирэйдээх-харахтаах саас ортолоох салайааччы.
Сивцев Николай Михайлович диэн Уус Алдантан төрүттээх мин Москваҕа бииргэ үөрэммит атаһым. Эдьигээҥҥэ тустуу тренерин солбуйа кэлэн баран сирин-уотун, дьонун-сэргэтин сөбүлээн түүлүнэн, битинэн бултаан-балыктаан, дьоҥҥо үтүө сыһыанынан, сатабылынан дьиэ-уот тутан олоҕун оҥостубут айылҕа оҕото. Коля Чурапчы спорт оскуолатыгар үөрэммит. Д. П. Коркин Коляны Малян диэн армяннар чулуу тустууктарын курдук быһыылааҕын-таһаалааҕын, баҕар мунна хонтоҕорун иһин буолуо «Эн Малян оҥорор албастарын оҥоро үөрэниэхтээххин» диэн эппитин бииргэ дьарыктанар уолаттара хос аат курдук ылыммыттар. Онтуттан олох өһүргэммэт киэҥ көһүстээх, аһылыннаҕына эмиэ кэпсээннээх-ипсээннээх дэлэй киһи. Михаил Ефимович Коляны сөбүлээн «Милан» диэн ааттаан кэпсэтэр. Корякин Ким Александрович диэн өрөспүүбүлүкэ булдун уопсастыбатын Гавриил Иосифович Чиряев саҕаттан салайар, саастаах эрээри хааман-сиимэн, кэпсээн-ипсээн дьону батыһыннара сылдьар аҕа атаспыт. Мин, кинини кытта улуу эбэлэргэ, үрэхтэргэ хаста да сылдьыспыт буоламмын, ыалдьытымсаҕын, дэлэгэйин, бултуур-балыктыыр тэрилэ сиппитин-хоппутун, атастарын-доҕотторун балай эмэ билэр этим.
Аһыы олорон сыыйа ол-бу туһунан кэпсэтииттэн бултуу-балыктыы сылдьан тахсыбыт көрдөөх кэпсээннэргэ киирэн хааллыбыт. Ким Александрович билэрэ, көрөрө элбэҕэ элбэх сырыыттан, алтыһыыттан саҕыллан тахсыбыта туспа бэлиэ. Кини кэпсии олорон сирэйин-хараҕын кэпсээнигэр сөп түбэһиннэрэн көрөрө-истэрэ, туттара-хаптара, куолаһын эҥин араастаан ооньоторо киһи туохха да кыайан холообот үлүгэрэ, күлэртэн бокуой суох. Аны биһиги, төһө да харахпыт уута чаалыйан тахсыар диэри күллэрбит, Ким бэйэтэ күлбэт, бүүс бүтүннүү кэпсиир киһитин быһыытын-таһаатын, буолбут түгэнин ойуулуура биһиги харахпытыгар дьэҥкэтик көстөн, кэпсээн иһигэр киирэн хаһыс халлаан хаттыгаһыгар тахсан олорорбутун бэйэбит да билбэккэ хаалабыт. Кэпсээнньиппит, маннык үөрүүнү-көтүүнү элбэхтик тэрийбит буолан, биһиэхэ тыл биэрээри сороҕор тохтоон аһаабыта буолар. Оччотугар үөрэ-көтө олорор дьонтон хайабыт эрэ, ол түгэни хаба тардан ылан эмиэ көрдөөх кэпсээни кэпсээн, үөрүү-көтүү быыстала суох барар. Оннук биэс дуу, алта дуу чаас үөрдүбүт-көттүбүт. Михаил Ефимович эдэр сылдьан бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ ыалдьыттата ыҥырбыттарыгар барар буоламмыт тохтоотубут.
Билигин, сааһыран олорон санаатахпына, өйдөһүү-өйөһүү, үөрүү-көтүү Дьол диэн ааттанар эбит.
Бэрэсидьиэни кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит Виктор Ноговицын
(Салгыыта бэчээттэниэ)