Киир

Киир

Биллэрин курдук, 1980 сыллар ортолоруттан Советскай Союзка уларыта тутуу кэмэ саҕаламмыта. Эрдэттэн бэлэмнэнэн күүстээх  идеологическай тэрээһин  үлэтэ  ССКП КК  өртүттэн ыытыллыбатах  буолан, ити хамсааһын  ыараханнык ааспыта.

Дойдубут өтөрүнэн  буолбатах дириҥ экономическай уонна политическай кризиска ылларбыта. М.С. Горбачев “экономиканы уларыта тутабыт, дойдуга  көҥүл санааны  үөскэтэбит” – диэн лозунун  ССКП   политбюротун  сорох  чилиэннэрэ  утарсан  ГКЧП  тэрийбиттэрэ. Оттон  норуот  демократия  иһин  үлүскэннээх хамсааһына  саҕаламмыта. Биһиги  дьолбутугар норуот  долгуйуута  гражданскай  сэриигэ  тиэрдибэтэҕэ. Оттон экономическэй  кризис  ытарчата  дойдубутун, ол  иһигэр  Саха  сирин  экономикатын, “хам  туппута” 1989-1990  сылларга  дьон  олоҕун хааччытын  кээмэйэ  үс  төгүл  аччаабыта.

Дьэ,  ити  кэмнэргэ  дойдубутугар  бэриниилээх,  үлэлиир-хамсыыр, тэрийэр  дьоҕурдаах  Макар Макарович  сыралаах   үлэтин  сорох өртүн  сырдатарга быһаарынным.

Советскай  Союз  остуоруйатыгар  аан  бастакынан  1989 сыллаахха  кулун тутарга ССРС   народнай  депутаттарын  куоталаһыылаах (альтернативнай)  төрүккэ  олоҕурбут  демократическай быыбара  ыытыллыбыта. Быыбар иннинээҕи  депутакка  кандидаттар  киирсиилэрэ  олус күүстээхтик  уонна сытыытык  барбыттара. Урукку быыбардарга соҕотох  депутакка кандидаты  уруйдаан-айхаллаан  баран,  көхтөөхтүк  кини эрэ туһугар быыбардааччылар  куоластыыр  буоллахтарына, бу  быыбарга төрүт  атын хартыына  этэ. Тыллаах-өстөөх,  дьону  итэҕэппит  элбэх кандидаттан биирин  эрэ  иһин куоласкын  биэрэҕин. Онон  депутатынан   талылларга дьону  көҕүлүүр, итэҕэтэр эрэ  киһи  талыллар кэмэ  кэлбитэ.               Оччолорго  депутат  буоларга харчы оруолу  оонньооһуна  суох этэ. Макар Макарович  Яковлевка   Дьокуускай  куорат сиринээҕи  уокуругуттан   Республика   прокуратуратын  коллектива  ССРС   Верховнай Советын национальностар  советтарыгар депутакка  кандидатынан  туруорбуттара. Кини  ол  саҕана араас уустук холуобунай дьыалалары  силиэстийэлээн, арыйталаан  Союз, Россия,  Саха   сирин  үрдүнэн  биллибит  следователь  этэ. Ону  таһынан  быыбар  иннинээҕи   программатын аныгы  олох  ирдэбилигэр  сөп түбэһэр  гына  табыгастаахтык  оҥорон, онтун  итэҕэтиилээхтик  быыбардааччыларга  иһитиннэрэн 21  кандидаттан,  ол  иһигэр Павел  Павлович  Бородин  курдуктары кыайан холкутук  бастаан, ССРС   Верховнай  Сэбиэтин  норуодунай  депутата  буолбута. Интэриэһинэйэ  диэн,  биир  кылааска   үөрэммит  уола  Прокопий  Дмитриевич  Осипов  Мирнэй  уокуругуттан  депутат  буолар. Оччолордооҕу  Бердигестях  оскуолатын  директора Наум  Трифонович Слепцов быйыл  100   сааһын  туолар. Өссө да  шахмат  күрэхтэһиитигэр оонньуу сылдьар. Завуч  Пахомов  Степан  Степанович  87  сааһа буолар.

Мин  эмиэ  Саха  сирин хотугу  уокуругуттан Союз  Советыгар  депутатынан  талыллыбытым. Барыта  ССРС  народнай  депутаттарынан саха  сириттэн   уон алта  киһи  талыллыбыта. Икки  депутат  Союз  Советыгар,  14 – национальностар советтарыгар.

Макар Макарович  1980  сыллаахха  Мирнэй  куоракка алмаас  хостонуоҕуттан  хаһан  да  буолбатах,  улахан бөдөҥ  уонна  сыаналаах  алмаастары уоруу  уустук салаатын  арыйан,  буруйдаахтары  булаттаан,  суут  көрүүтүгэр  тиэрдибитэ. Салгыы  талааннаах  следователь быһыытынан   киэҥник  биллибитэ. Биэстии, тоҕустуу  киһи өлөрүүлээх  дьыалаларга группа салайааччытынан сылдьан  арыйталаабыттара. Советскай  Союз  араас  муннуктарыгар арҕаа  Украинаҕа (Ужгород, Мукачево, Хуст, Тячев, Черновцы, Донецк, Авдеевка), Новокузнецкай, Ереван, Сахалин, Камчатка силиэстибэннэй  группалары салайбыта. 1982-1984  сылларга  Москва куоракка  кыһыл  площадька  турар дойду саамай  улахан  маҕаһыынын  ГУМ хоруупсуйатын  уоран  сиэһинин  силиэстибэннэй  группатын  салайбыта. Бочуот Знага  уордьанынан наҕараадаламмыта. Аата-суола киин хаһыаттарга, сурунаалларга тиийэ  бэлиэтэммиттэрэ. Кэлин  Россия  Силиэстибэннэй  кэмитиэтин  ХХ  үйэ сэрии кэннинээҕи 35 чулуу  следователлэрин энциклопедиятыгар киллэрбиттэрэ. Ол  дьону  «выдающиеся  следователи, золотой  фонд” диэн ааттаабыттара. Онон  коллегалара кинини ССРС  Верховнай  Советыгар  депутакка  кандидатынан  туруорбуттара  олохтоох этэ.    

Макар  Макаровичтыын биһиги  чугастык  Москваҕа билсибиппит.  Саҥарбыт-инэрбит, кэлбит-барбыт, сытыы-хотуу эдэр  киһини испэр  сөбүлээммин,  кэлин доҕордоһон, бииргэ  араас  боппуруостарга  сүбэлэһэн  көхтөөхтүк  үлэлээбиппит.

img20240221 12533217 обработано

Быыбарга  талыллыбыт  депутаттар Москваҕа  бастакы  съезкэ кытта  кэлэрбитигэр урут  хаһан  да  көрбөтөх, элбэх  дьон уулуссаларга, площадтарга күргүөмүнэн мунньустан миитиннэри ыыталлара, уулуссаларынан халҕаһалыы  демонстрациялаан хаамаллара. Олох  күөстүү  оргуйан  олороро. ”Москва”, “Россия”  гостиницалар  икки  ардыларыгар араас  плакаттары туппут  пикетчиктэр  мусталлара. Кинилэр  партиябытын  утары  араас лозуннары хаһыытаһаллара. Ити  барыта  биһиэхэ,  партия  дьыалатыгар  сулууспалаабыт  дьоҥҥо  сүөргүтүк  көстүбүтэ. Ол эрээри  билигин  өйдөөтөххө,  урут  партийнай  үлэҕэ  эриллибэтэх эдэр  депутаттарбыт М.М. Яковлев, П.Д. Осипов, Н.Н. Петров, С.В.  Бойков  олус   соһуйбакка, олохтоох  дьон  тылын-өһүн  интэриэһиргээн  истэллэрэ. Оттон  биһиэхэ  сааһырбыт, партия дьаһалын  чиэстээхтик  толоро  сылдьыбыт  дьоҥҥо (Прокопьев Ю.Н., Ягнышев А.М., Игнатьев И.Г. уонна мин) ити  событиелары, норуот  иннигэр  партия  авторитета  түһүүтүн  ыараханнык  ылыммыппыт.

Верховнай Совет бастакы съеһигэр Саха сириттэн талыллыбыт 16  депутаттан 7  депутат босхолонон,  Москваҕа олорон  үлэлииргэ  талыллыбыта. Макар  Макарович национальностар Советтарыгар оттон мин  Союз  Советын палататыгар. Верховнай  Совет  мунньахтара Кремльга ыытыллаллара. ССРС  норуодунай  депутаттарын  съезтэрэ   улахан  мөккүһүү, санааны  аһаҕастык этии быһыытыгар-майгытыгар  барара. Дойду  барыта  телевизорынан  арахсыбакка  көрөн олороро. Онтон  ССРС  Верховнай  Советын  сессиялара  съезтэр  икки  ардыларыгар  буолара. Сокуоннар, программалар, бырайыактар дьүүллэһиилэрэ олус  көхтөөхтүк барара. Дьэ, ити  дьалхааннаах  кэмнэргэ, ССРС Верховнай  Советын  съезтэригэр,  сессияларыгар Кремль  истиэнэтин  иһигэр  политик, дойду олоҕун-дьаһаҕын,  сайдыытын  түстүүр  сокуоннары  оҥорооччу быһыытынан Макар Макарович  үүнэн-сайдан  тахсыбыта.

Ордук  бэлиэ  түгэнинэн  ССРС норуодунай  депутаттарын  бастакы   съеһэ  олус  айдааннаахтык барбыта. Биһиги  чуумпу  саалаларга барар  пленумнарга, сессияларга   кытта   үөрэммит дьон  улаханнык  соһуйбуппут. Съеһи М.С. Горбачев  арыйбыта. Урут  олохтоммут  бэрээдэк  курдук,  президиумҥа  ССКП КК  политбюротун  чилиэннэрэ  олорботохторо. Съезд  саҕаланыаҕыттан радикальнай хайысхалаах  депутаттар  айдаан  бөҕөтүн  тардыбыттара. Съезд  саҕаланыаҕыттан  ыла “Коммунистическай  партия  диктатурата  бүтүөхтээх,  советскай  обществоҕа  уларыта  тутуу барыахтаах,  көҥүл санааны  күөмчүлээһин   тохтуохтаах, дойду  демократическай сайдыы суолун  тутуһуохтаах  диэн ирдэбиллэрин кытаанахтык  эппиттэрэ- тыыммыттара,  Кремль дыбарыаһын  иһэ  өрө  ньиргийэн олороро.

Саха  сирин  эдэр  депутаттара М.М. Яковлев, П.Д. Осипов, Н.Н.  Петров харахтара  уоттанан,  сүргэлэрэ  көтөҕүллэн миэстэлэриттэн ойон тура-тура  иһиттилэр. Демократическай  сайдыы суолугар киириини өйүүр санааларын кыыма онно  саҕыллыбыт буолуохтаах. Урукку  партийнай,  Советскай  органнарга  уһуннук  үлэлээбит дьоҥҥо,  биһиэхэ оннук  санаа  сыыйа, арыый  хойутуу   соҕус  киирбитэ.

Бэрт уустук, улахан  мөккүһүү,  чирэстэһии  кэнниттэн ССРС  Верховнай Советын  председателинэн  Анатолий  Лукьянов  талыллыбыта.  Съезд  үлэтэ оннун  булбута. Ол эрээри, кириитикэ, көҥүл, аһаҕас  кэпсэтии  салҕанан  барбыта. Съезд  кэнниттэн  национальностар палаталарын  сессиятыгар биһиги  коллегаларбыт М.М. Яковлев, П.Д. Осипов үрдүк  дуоһунастарга  талыллыбыттара. Макар Яковлев –  ССРС  Верховнай  Сэбиэтин сокуон оҥорор комитетын  правоохранительнай  органнарга хос  комитетын  председателинэн, Прокопий  Осипов экология  комитетын  сэкирэтээринэн  талыллыбыттара. Онтон мин  Союз  Советыгар  плановай-бюджетнай  комиссия былаанныыыр хос  комитетын салайааччытынан талыллыбытым. Дьэ  ити  курдук,  ССРС  норуодунай  депутаттарын быһыытынан  үлэбит  саҕаламмыта. Макар  Макарович правоохранительнай органнар  үлэлэрин  билэрин быһыытынан хара маҥнайгыттан ылсыбытынан барбыта. Хаста даҕаны  ССРС ис  дьыалаҕа  министиэристибэтин кэҥэтиллибит коллегиятын, ССРС генеральнай прокуратуратын коллегиятын ыыппыта. ССРС ис  дьыалаҕа министерствотын  коллегиятыгар Саха  сирин ис  дьыалаҕа  миниистирин  В.В. Балдуев   Нерюнгрига  самолет угоннаммытынан сибээстээн  дьууллэммитин, тыл  этэн сымнаппытын  истибитим. ССРС  историятыгар аан маҥнай  ССРС  прокуратуратын  үлэтин  комиссия  тэрийэн бэрэбиэркэлээбитэ. Ол коллегия  кэнниттэн М.С. Горбачев, ССРС Генеральнай прокурора А.Я. Сухарев, ССРС ис  дьыалаҕа миниистэрэ Б.К. Пуго, КГБ  председателэ В.А. Крючков, ССРС  юстициятын миниистэрэ  С.Г. Лущиков, комитет председателэ Ю.В. Голик  уонна М.М.Яковлев мраморнай залга  мустан кэпсэтии ыыппыттара.

img20240221 12561531 обработано

Биһиги сааспытынан биллэрдик араастаһар  этибит. Ол эрээри, аан  бастакыттан сөбүлэһэн, чугастык  билсэн, аһаҕастык санаабытын атастаһан доҕордуу  дьон  буолбуппут. М.Яковлев, П.Осипов уонна  мин дьиэ  кэргэннэрбитинээн  Рублевскай шоссеҕа турар  дьиэҕэ  служебнай  квартираҕа  олорбуппут. А. Собчак мэр  буолан баран квартиратын Макарга  туран биэрбитэ.

Мэлдьи көрсүһэр, сэһэргэһэр, депутат быһыытынан үлэбитигэр  сүбэлэһэр  этибит, биллэн  турар ол  үлэбитигэр  туһалаах  буолааччы. Мин  араас боппуруостарга  ССРС  Верховнай советын съеһигэр  уонна  сессияларыгар 12 төгүл  тыл  этэн  турабын. Ол араас  боппуруостарга  республикабыт, быыбардааччыларбыт  интэриэстэрин көмүскүүргэ туһуланара. Онно  эрдэттэн  бэлэмнэнэр  этим. Коллегаларбын Макар Макаровиһы, Прокопий  Дмитриевиһы кытары  эрдэ  санаабын  үллэстэрим,  сүбэлэһэрим. Кинилэр  эмиэ ССРС Верховнай  Советын  сессияларыгар тыл  этэллэрэ. Этиилэрбит  чопчу  уонна  сытыы буолалларыгар кыһалларбыт. Оччоҕуна эрэ биһиги  этиилэрбит атын  депутаттар этиилэрин дорҕоонугар  сүтэн хаалбакка үрдүкү  салалтаҕа  учуоттаныан сөбүн  билэр  этибит. Казахстантан депутат, биллиилээх поэт, суруйааччы Олжас Сулейменов Верховнай  Совет  биир сессиятыгар Семипалатинскайдааҕы атомнай буомбаны  боруобалааһын содулларын туһунан уонна ону булгуччу тохтотор  туһунан  аан бастакынан  тыл эппитэ уонна ол этиитэ дойду  үрдүнэн дьон өйүгэр санаатыгар дириҥник киирбитэ. Олжас  Сулейменов Макар Макаровичтыын Невадаҕа  уонна  ООН хос  комитетыгар  сылдьан  тыл эппиттэрэ Америка хаһыаттарыгар  тахсыбыта. Алма-атаҕа  аан дойдутааҕы  конференцияҕа Макар Макаровиһы уонна Саха  сиригэр экология маҥнайгы миниистирин Алексеев Василий Гавриловиһы ыҥыран сырытыннарбыта. Макар Макарович  Россияҕа маҥнайгынан экология  прокуратуратын астарбыта.

Саха  сиригэр экологияны харыстааһыҥҥа Семипалатинскайтан  итэҕэһэ  суох  проблемалар бааллара. Бүлүү  өрүһүн  киртитиитин  содула республикаҕа   киэҥник  биллэрэ. Ол  кэмҥэ экологияны  харыстааһыҥҥа дьон  өйө-санаата  уһуктан эрэрэ. Сунтаарга Бүлүү  өрүһүн сүһүрдүү   содулун  туоратарга  хамсааһын  бастакынан  Валерий  Мекумянов уонна  Эдуард  Соколов  саҕалаабыттара,  Үөһээ  Бүлүүгэ Никита  Архипов, үһүйээн хоту  да  буоллар,  сир анныгар ядернай дэлби   тэптэриилэр  туһунан  дьиксиниилээх  сурах   тарҕаммыт  кэмэ этэ. Онтон  нэһилиэнньэ  ортотугар  экологияны  көмүскүүргэ  күүстээх санаа  үөскээн  эрэр  кэмэ этэ. Ол эрээри советскай  кэм саҕана, ити  дьон олоҕор кутталлаах  дьаһалы  Киин  салайар орган ылынар этэ, ССКП Обкомун  чугаһаппаттар этэ. Ити  боппуруоска, ол саҕана  САССР  Верховнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаев Москваҕа  керсүһүүлэрбитигэр  республикаҕа экология  боппуруоһугар  үөскээбит  балаһыанньаны  туоратыы  туһунан  тоҕоостоох  кэмҥэ  ССРС  Верховнай  Сэбиэтигэр  күүскэ  туруорарга  сүбэлээбитэ.

img20240221 12561531

Биһиги П.Осипов, М.Яковлев  буолан экология бастайааннай  комиссиятын нөҥүө  актыыбынайдык туруорсан,  1989 сыл   сэтинньи  ый 29  кунугэр  Кремль  дыбарыаһыгар  ССРС  Верховнай  Сэбиэтин  сессиятыгар экологияны  харыстааһын  боппуруоһа   көрүллүбүтэ. Мин  онно эрдэттэн  бэлэмнэнэн  тыл  эппитим. Хата ол эппитим кинодокумент быһыытынан уһуллан кинохранилище  архивыгар сытар. Ол этиибэр  Бүлүү  сүнньүгэр  үөскээбит  ыарахан  экологическай  балаһыанньаны чопчу  баары  баарынан сырдаппытым. Союз салалтатыттан эппиэттээх  дьону ааттаабытым, балаһыанньаны  көннөрүүгэ  суһал дьаһаллары ылаллара наадатын, республика олохтоохторо  ирдииллэрин   тиэрдибитим. Маҥнайгынан  Макар Яковлев, Прокопий  Осипов этиибин биһирээтилэр  уонна ити туруоруллубут боппуруостарга салгыы  үлэлэһиэхпит диэн  эттилэр. Олжас  Сулейменов бэйэтинэн  кэлэн илии тутуһан  сөбүлээбитин  биллэрбитэ. Ол эрээри  ССКП Обкома өссө  даҕаны  үлэлии олорорунан уонна  ССКП политбюрота баһылыыр  көҕүлүүр  оруолуттан  чаҕыйан сорох  партийнай  испииһэгинэн  кэлбит  депутаттарбыт “наһаалаатын,  сэрэниэххэ  баар этэ»  диэбиттэрэ. Онтон  республикаҕа  көрдөрөр-иһитиннэрэр  тэрилтэлэр ССКП Обкомун илиитигэр  буолан эмиэ ити этиибин   киэҥнин  тарҕаппатахтара. ”Якутия”  хаһыакка  космофизика  институтун  директора  Шаферынан сир анныгар ядернай  тэптэриилэр  туһаларын  туһунан  ыстатыйа таһааттарбыттара. Ону  Макар  Яковлев  специалистары  кытта  сүбэлэһэн «Якутия”  хаһыакка  сүрдээх олохтоох, грамотнай харда эппиэт биэрбитэ.

Х11  ыҥырыылаах  САССР  Верховнай  Сэбиэтэ уонна  правительствота  М.Е. Николаев  көҕүлээһининэн  экологияны  тупсарыыга элбэх   үлэни ыыппыта. 1991  сыл   алтынньы 17  күнүгэр САССР  территориятыгар  айылҕаны  харыстааһын  туһунан сокуон ылыллыбыта. Россияҕа бастакынан  экологияны, айылҕаны  харыстааһын министерствота   тэриллибитэ. М.Е. Николаев  Борис  Николаевич  Ельцины  кытары  олус ылыннарыылаахтык   кэпсэтэн,  Бүлүү  сүнньүн  экологиятын  тупсарыыга алмаас  атыытыттан  киирэр үп 2%  бэриллэрин  ситиспитэ. Кэлин  соҕус  республика  быһаччы  туруорсуутунан “Алроса”  хампаанньа  тэриллиитигэр  алмаастаах   провинция 8 оройуоҥҥа  тэрийээччинэн  буолбуттара. Ити оройуоннар “Алроса”  акциятын 1 %  ылбыттара. 1991  сыл  от  ыйыгар   хвостохранилище  буортулаах ууну тоҕорунан сибээстээн,  республика  правительствотын  уурааҕынан Удачнайга “Якуталмаз”  №11   фабриката  сабыллыбыта. 1992  сыл  саҥатыгар Х11  ыҥырыылаах  Верховнай  Сэбиэт  «Бүлүү өрүһүн  бассейнын  экологическай  туругун   чөлүгэр  түһэриигэ  ыытыллар  бастакы   уочараттаах  соруктар” диэн  анал  уурааҕы  ылыммыта.

1980  сылларга  үүнэ-тэһиинэ  суох  барбыт,  айылҕа  харыстабылын  туһунан санаан  даҕаны   көрбөтөх, дьон  доруобуйатын  харыстыыр  туһунан  умнубут,  тустаах   союзнай  министерстволар омсолоох  дьаһалларын  дьайыыта   улахан этэ. 1989  сылтан  ыла  экологтар  общественнай  хамсааһыннарыттан,  ССРС Верховнай  Сэбиэтин  депутаттара   күөдьүтэн  Саха  сиригэр  айылҕа  харыстааһыныгар  тапсыбыт  хоромньуну утары  ыытыллар  үлэ государственнай  политика быһыытынан  барбыта. Ити  эппиэттээх  үлэҕэ  республикаҕа   киэҥник  биллэр  экологтар: Д.Д. Саввинов, И.С.  Бурцев  элбэх  практическай   үлэни  оҥорбут  үрдүк  өҥөлөөхтөрүн бэлиэтээн  этэбин.

М.М. Яковлев, П.Д. Осипов  уонна мин буолан  быыбардааччыларбыт накаастарын  толорууга  элбэхтик  сүбэлэһэн  үлэлиир  этибит. Онтон  биир холобуру   чопчу  кэпсиибин. Улуу кыайыы  45  сылыгар  бэлэмнэниинэн  сибээстээн, Бүлүү  оройуонун сэрии бэтэрээннэрин  сэбиэтин  бэрэссэдээтэлэ А.И. Афанасьев, мин  1990   сыл  саҥатыгар  Бүлүүгэ  быыбардааччылар  иннилэригэр  отчуоттуу  тиийэ  сырыттахпына,  Аҕа  дойду  улуу  сэриитин  кыттыылаахтара А.А. Миронов, Н.А.  Кондаков, Н.С., Степанов өссө  сэрии  бүтүөн  иннинэ  хорсун быһыыларын  иһин  Советскай  Союз  Героя  аатын  ыларга  түһэриллибиттэр  эрээри, бириэмэтигэр  сөптөөх  сыанабыл  ылбатахтарын, дойду Верховнай  салалтатыгар  суругунан  туруорсууларыгар  аккаас  сурук  кэлбитин   кэпсээтэ,  бу  боппуруоһу  аны  эн  депутат  быһыытынан  салгыы  туруорус  диэбитэ уонна  этиллибит  дьон  сэрии кэмигэр  геройдуу быһыыларын   чуолкайдык  көрдөрөр  суруктары  туттаран кэбистэ.

ЯК10

Дьэ,   Москваҕа   кэлээт,   коллегаларбын М.М.  Яковлевы, Д.П. Осиповы  кытары  атах  тэпсэн  олорон,  ити уустук  боппуруоһу  хайдах быһаарыахха  сөбүн  сүбэлэстибит. «Эн   аҕа  киһи  быһыытынан  ССРС  оборонатын  миниистирэ  Д.Т. Язовка  сырыт,  дакаастаа, туруорус» дэстилэр  коллегаларым. Онтон  Макар  Макарович салгыы эттэ: «Мин  салайар  хос  комитеппар   чилиэн  быһыытынан миниистир  Д.Т. Язов  солбуйааччыта,  армия генерала В.А.Говоров баар. Мин кинини  көрдөһүөхпүн  сөп»  диэтэ. Дьэ, ол  курдук  сүбэлэһэн,  мин  миниистир  Язовы, Макар  Макарович солбуйааччы  миниистир Говоровы  кытары  көрсүһэн,  дакаастаһан, Бүлүү  үс хорсун-хоодуот  буойуннара  Советскай  Союз  геройун  үрдүк аатын ылалларыгар  түмүктээхтик   үлэлэһэн  турабыт. Онтон  ССРС Верховнай  Сэбиэтин  депутата А.С. Борисов  ити  боппуруоһу  туруорсан М.С. Горбачевка суруйбут этэ. Ол  сурук  эмиэ  боппуруос  быһаарыыга  көмөлөспүт  буолуохтаах.

Макар Макарович дьиҥнээх  активнай государственнай политическай  деятель буолар оскуолатын ССРС Верховнай Сэбиэтигэр ааспыта. Парламентаризм  дойду  сайдыытыгар  дириҥ  суолталааҕын  дууһатыгар ылыммыта. 1992 сылтан саҕалаан төрөөбүт дойдутугар  үрдүк таһаарыылаахтык  үлэлээбитэ. Төрүт  сокуон  барылын  оҥоһуутугар 2  главаҕа:  киһи бырааптарыгар, континентальнай  шельф, салгын куйаара  боппуруостарыгар элбэх этиини  киллэрбитэ. Конституционнай суут  маҥнайгы састаабын  судьуйата этэ. Ил Тумэн  маҥнайгы  созывын депутата, сокуон оҥорор комитет председателэ. Үгүс  суолталаах государственнай  тутул сокуоннарын сүрүн ааптардарыттан биирдэстэрэ. 1998-2002 сылларга  Президент  уонна правительство аппаратын  солбуйар салайааччыта буолан биир сүрүн  үлэни оҥорсубута. 2002  сылтан  2012  сылга диэри  Саха  сирин  норуоттарын  духовнай  лидера, Саха  сирин  бастакы  президенэ М.Е. Николаев  эрэллээх  сүрүн  көмөлөһөөччүтүнэн  үлэлээбитэ. Биллиилээх  юрист М.С. Горбачев биирдэ “все  юристы  Яковлевы“ диэн  турар. Ону профессор Запольскай С.В. “Хроника одного скандального выбора” диэн  кинигэтигэр  суруйан  саҕалаабыт  этэ. Макар Макарович холуобунай  процесс уонна право кафедратыгар 15 сыл  кафедра  сэбиэдиссэйинэн  үлэлээтэ. Сүүстэн  тахса  научнай  ыстатыйалар, ол  иһигэр 4  монография  – барыта  21  научнай  кинигэ ааптара, ХИФУ  профессора. Ону  таһынан –  спортивнай  деятель. Саха  сирин  тустууга  федерациятын  маҥнайгы президенэ,  ССРС  тустууга  федерациятын Президиумун  чилиэнинэн  таһаарыылаахтык  үлэлээбитэ, спорт маастара. Элбэх  общественнай  үлэлэрдээх,  ол  курдук Ил  Түмэн  общественнай   консультативнай  сэбиэтин  чилиэнэ, республика  биллэр-көстөр  Верховнай Ытык  сүбэтин  солбуйар  председателэ, ММУ  горотдел  общественнай  сэбиэтин  чилиэнэ, тустуу ветераннарын правлениятын  чилиэнэ.

Макар Макарович  таһаарыылаах,  киэҥ хабааннаах,  кырдьык  иһин  ахсаабат киэҥ  дьаныардаах  үлэтинэн норуот  ытыктабылынан   туһанар. Кини  киэҥ  ис  хоһоонноох, дьоһуннаах   үлэтэ, олорон  кэлбит  актыыбынай олоҕо эдэр  көлүэнэҕэ  үтүө  холобурунан буолар.

   Климент  Иванов, СР  бочуоттаах  олохтооҕо.