СӨ норуодунай суруйааччыта Соппуруон Данилов бэчээккэ бастакы суруйуута 12 эрэ саастааҕар "Кыым" хаһыакка тахсыбыта. Критическэй ыстатыйа. Оҕолор оскуола төһө эмэ арыллыбытын үрдүнэн, ситэ үөрэнэ кэлэ иликтэрин туһунан. Сэбиэттэр кириитикэлэммиттэр.
Кини бэйэтин ахтыытыгар хаһыаты ааҕан баран, хайдах курдук үөрбүтүн суруйар. Хаһыаты ол түүн сыттыгын анныгар уктан хоммут ээ.
Оттон сарсыныгар дириэктэргэ ыҥырбыттар. Кырачаан Соппуруон куттаныы бөҕө, мөҕүллэр буоллум диэн...Дириэктэр эмиэ кириитикэлэннэҕэ дии. Ол саҕана "Всеобуч" ирдэбилэ олус кытаанах этэ.
Арай онно тиийбитэ, өссө Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ олорор эбит. Дириэктэр Соппуруонтан хаһыаты сулбу тардан ылан, Сэбиэккэ үҥүлүтэр:
- Бу баар, оннооҕор "Кыым" хаһыакка кытта суруйбуттар.
Бэрэссэдээтэл ыксалынан хаһыаты ааҕаат, тута уларыйа түһэр:
- Мин аккаастаммаппын ээ, оҕолор кэлиэхтэрэ, хайаан да кэлиэхтэрэ, олох саарбахтаама, ыыттарыам, – диэн эрэннэрэр.
Бу умнуллубат түгэн туһунан Соппуруон Бөтүрүөбүс маннык суруйар:
“В те минуты я впервые воочию убедился в силе печатного слова..."
Онон доҕоттоор, хаһыаттары кытта ыкса ситимнээх буолуҥ, бу норуот суруйааччытын курдук, хаһыат ураты күүһүн, наадатын оҕолоргутугар кэпсээҥ, төрөөбүт дойдулара сайдарыгар оҕо эрдэхтэриттэн кыһамньылаах буолалларыгар үөрэтиҥ!
Улуускут, өрөспүүбүлүкэҕит хаһыаттарыгар чэпчэтиилээх суруйтарыыга көхтөөхтүк кыттыҥ!
Василий Алексеев. «Үлэ күүһэ» хаһыат.