Киир

Киир

Былыргы саха үлэһит эбит. Эрдэ туран,күн сырдыгар үлэтин саҕалыыр. Суотабайа суох, тэлэбиисэрэ мэлигир, элэктэриичэстибэ сырдыгыттан маппыт киһи.

Эр киһи улахан үлэтэ оттук маһын оҕуһунан, атынан тыаттан тиэйэн аҕалыы, булт, уһаныы, оту тиэйии, ойбон алларыы, оһох оттуута, балбааҕы дьаһайыы.Сүөһүлэрэ кырата – 20, хас да үөр сылгылаахтар, бурдуктаахтар. Бурдугу куолаһыттан араарыы алыс үлэлээх быһыылаах.

Аны, хаһан баҕарар буоларын курдук, сүрэҕэ суох аймахтардаахтар. Ол дьон сүөһүтэ, аһа суох, кэлэн кыахтаах аймахтарыгар олороллор. Ону хоргутуо, үүрэн таһаарыа суохтаахтар. Нэһилиэк кинээһэ, улуус баһылыга ону хонтуруоллууллар, толортороллор. Тугу эмэ гынар эбэтэр мээнэ сытар дьон эбитэ дуу. Арыгы баар буоллаҕына, иһэллэрэ буолуо. Хаарты баар буоллаҕына, оонньууллара буолуо. Ыалы кэрийэ үөрүйэх дьон. Олор быыстарыгар олонхоһуттар, остуоруһуйаһыттар бааллар. Олонхоһут былыр илиитинэн үлэлээбэт, ыалы кэрийэр. Сүрэҕэ суохтарынан аатыраллар.

Дьэ, ити курдук устар кыһын былыргы үлэһит саха үлэлээн букунуйар, дьонун быыһыыр. Хараҥарда да киэһээҥҥи аһын аһаат утуйар, сынньанар. Ол хабыс-хараҥаҕа чүмэчи уматан сандаардан тугу гыныай?! Арай дьахталлар көмүлүөк оһох сырдыгар таҥастарын абырахтыыллар, үтүлүк, кээнчэ тигэллэр. Ол иһин харахтарынан бары дьахталлар мөлтөхтөр дииллэрэ. Кинилэр үлэлиир чаастара уһун, хараҥа хотоҥҥо, балаҕаҥҥа куруук кыһын сылдьаахтыыллар буоллаҕа. 1948 сс. локомобилынан элэктэриичистибэ биэрэннэр, дьахталларга дьол эбитэ буолуо. Куруук хараҥаҕа сылдьаллара тохтоотоҕо. Сырдыкка, ырааска таҕыстахтара.

Былыргы саха барахсан үлэһитэ олус үтүө, сүрэҕэ суоҕа алыс албын буоллаҕа. Билигин да үлэлиэхтэрин баҕарбат дьон элбэхтэр. Массыыната суохтара биэнсийэлээх төрөппүттэригэр иитиллээхтииллэр. Уулуссаҕа сылдьаллар. Дьиэлэрин уотун-күөһүн төлөөбөттөр. РЭС ону аны араарар буолбут. Гаастар быһаллар, биэни ааҕаллар. Кинээстэр, кулубалар кинилэргэ кыһамматтар. Былыргы кэм буолбатах. Биир эмэ аһыныгас киһи дьиэлиир, дьиэ таһыгар үлэлэтэ сатыыр да, ол киһиҥ үлэлээн абырыыр санаата суох буолар.

Дьэ, итинник, былыр-былыргыттан үлэһит киһи сатаан сылдьар, сүрэҕэ суох эрэйдэнэр.

Ааптара биллибэт. F. диэн бэлиэтэнэр.

Бүтэһик сонуннар