Георгий Михайлович Артемьев барахсан дьоһуннаах салайааччы этэ...
1991сыллааҕы выпустарбын соҕуруу Москва-Ленинград куораттарынан күүлэйдэтэ илдьээри, сааскы каникул кэмигэр турфирматтан путевка атыыласпытым, кинилэр оҕолору Ытык Күөлтэн көтүөх иннинээҕи күммүтүгэр автобуһунан кэлэн ылыах буолбуттара. Онон эрдэ Харбалаахтан айаннаан, болдьоспут сирбитигэр гостиницаҕа олорон автобуспутун күүт да күүт. Арай онтубут суох да суох. Тэрилтэбитигэр эрийбиппитин «бэҕэһээ барбыт буолуохтаах» дииллэр. 2-гэ диэри кэтэһэ сатаан баран, ыксаан оройуонум салалтатыгар тиийдим.
Мин дьолбор, В.Х. Кашкин, Г.М. Артемьев иккиэн бааллар эбит. Баар балаһыанньаны кэпсээтим, Василий Хрисанфович төбөтүн быһа илгистэн баран, мөхтө: "Хайдах, саатар, Ытык Күөлтэн да сатаан тахсыбакка сылдьан, оҕолору соҕуруу илдьэ бараары гынаҕын?" – диир, этэр эттэҕинэ, кырдьыга да оннук буоллаҕа дии...
Мин хараҕым уута халыс гына түстэ...
Онтон Георгий Михайлович, наһаа аһыммыт хараҕынан көрөн баран, эттэ:"Ыксаан, көмө көрдүү кэлбит дьону наһаа мөҕүмүөххэ, хайдах көмөлөһөрү толкуйдуохха", – диэтэ уонна Маҥан пуордун начальнигар эрийдэ. Кэпсэттилэр, онтон миэхэ ыстакааҥҥа уу кутан биэрдэ уонна эттэ: "Валентина Семеновна, уоскуй, билигин Ан-2 самолету ыытыах буоллулар, маннааҕы автобуһу кэпсэтиэм, Мойуонаҕа киллэртээн биэриэ. Оҕолору сайыннара, хорсуннук ылсан баран эрэргин хайгыыбын, үчүгэйдик сылдьан кэлиҥ!" – диэтэ. Хаһыска төннөрбүтүн ыйыталаста, кэлэргитигэр самолету кэпсэтиэм диэтэ.
Автобуһунан пуорка киирдибит. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, 4 самолет утуу-субуу көтөн кэлэн, куоракка сөбүнэн тиийдибит, сарсыарда 7-ҕэ Москубаҕа көттүбүт. Бэркэ күүлэйдээн, элбэҕи билэн-көрөн, төннөн кэлэн, Маҕаҥҥа киирбиппитигэр диспетчер тута: "Эһиги тускутугар оройуоҥҥут салалтата кыһаллан, кэпсэтии ыыппыта, сүрүн рейстэр толоруллан бүттэхтэринэ, көтүтүөхпүт", – диэтэ. Ол күн дьиэбитин этэҥҥэ буллубут. Бу кылааһым оҕолоро ол баран кэлбиттэрин олохторун биир дьоллоох түгэнинэн ахталлар, саныыллар.
Оттон мин Георгий Михайловиһы оччолорго да убаастыырым, ити түгэн кэнниттэн наһаа сүгүрүйэр, ытыктыыр, билиҥҥэ диэри улахан махталынан ахтар салайааччым, киһи кэрэмэһэ буолар.
Быдан дьылларга быраһаай, Таатталарга дьиҥнээх ааппытын туруулаһан төнүннэрбит, бар дьон туһугар кэскиллээҕи эрэ толкуйдаан үлэлээбит муударай салайааччыбыт!
СӨ үтүөлээх учуутала Валентина Семеновна Кривошапкина. Таатта, Харбалаах